«Киһиэхэ — төрөөбүт буора, дойдута...»
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
26.11.2024

«Киһиэхэ — төрөөбүт буора, дойдута...»[12+]

Просмотры: 262

Саха биллиилээх мелодиһа Валерий Власьевич Ноев быйыл төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтиир дьоро күн Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа ураты истиҥник,  өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус долгутуулаахтык буолан ааста. Ол туоһутунан - мелодист сүгүрүйээччилэрэ сааланы толору сааһыланан олорбуттара  кэрэһэлиир. Валерий Ноев айбыт ырыалара, нарын матыыптара хас биирдии саха ыалыгар сүргэни көтөҕө, дууһаны долгута дьүрүһүйэллэр, мелодист аатын ааттаталлар. 

Тэрээһин саҕаланыытыгар Валерий Ноев олоҕун, айар үлэтин кэлбит ыалдьыттары, ааҕаччылары кытта ахтан-санаан аастыбыт. СӨ норуодунай артыыһа, доҕоро, Аркадий Алексеев мелодист төрөөбүтэ 70 сылыгар устубут  документальнай киинэтин быһа тардан көрдүбүт.

Бу дьоро киэһэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, куруутун бииргэ алтыһар, ыкса үлэлэһэр киһибит, Светлана Степанова салайааччылаах «Сайсары» норуодунай ансамбль, үһүс көлүөнэ оскуола иһинэн үлэлиир «Сыдьаайа» ырыа бөлөхтөрө Валерий Ноев истиҥ, кэрэ ырыаларын көмүс куоластарынан киэргэттилэр.  Мария Викторова,  Елизавета Егорова, Мария Макарова,  Надежда Софронова биирдиилээн толоруулара  көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхпүтүн,  долгуйуу истиҥин ытыс тыаһын нөҥүө тиэрпиттэрэ. Кырдьык даҕаны, бары олус кэрэтик ыллыыллар. Хас биирдии ырыа айыллыыта туһунан историялаах. Мелодист  маҥнайгы таптал, доҕордуу сыһыан, ийэ, аҕа буолбут үөрүү, үлэттэн дьоллонуу, төрөөбүт дойдуга таптал, сүгүрүйүү иэйиилэрин барытын ырыаҕа, нарын да нарын  матыыпка тиһэн испит. Ол курдук, «Симэн сытар харахпар», «Кыракый уолчааным», «Киһи эрэ», «Кыракый кыысчааным», «Кыыс Амма», «Күөрэгэй», «Сардааналыын көрсүһүү», «Хатыҥчааным барахсан», «Ырыатын иһит», «Чараҥҥа», «Сааскы кэм» ырыалары көрөөччүлэр астына иһиттилэр. 

Түмүктүүр чааска «Валерий Ноев ырыаларын билбэт, ыллаабат, сөхпөт-махтайбат саха киһитэ суоҕа буолуо. Умсугутар, сүрэҕи-быары долгутар, үгүс кэрэ ырыаларын кэккэтигэр, саха норуодунай поэта Сэмэн Данилов хоһоонугар «Киһиэхэ төрөөбүт дойдута» диэн ырыата, мелодист  саамай чаҕылхай, хатыламмат  чыпчаала,  талаана толору арыллыыта буолар. Ити ырыаны салгыбакка истэ олоруохпун баҕарабын», диэн, самодеятельнай композитор Аркадий Алексеев санаатын иһиттибит уонна киһи дууһатын таарыйар «Киһиэхэ төрөөбүт дойдута» ырыатын ааҕааччылардыын, ыалдьыттардыын бары ыллаатыбыт. Аһаҕас микрофоҥҥа Валерий Ноев биир дойдулаахтара, анаан кэлбит ыалдьыппыт наһаа долгуйан туран аҕынна. Тэрээһиммит биир ыалдьытынан Валерий Ноев төрөппүт кыыһа Анастасия Валериевна кыттыыны ылбыта буолар. Махтал, эҕэрдэ тылларын анаата уонна библиотекаҕа аҕаларын туһунан кинигэни бэлэх уунна. Ити курдук, олус истиҥ, чахчы даҕаны  умнуллубат, өйгө-санааҕа хаалар тэрээһин буолан ааста.

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Мария Беленкова

Смотрите также