Киһи-киһиттэн үөрэнэр
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
16.06.2020

Киһи-киһиттэн үөрэнэр

Просмотры: 2416

Саха дьахтара – айылҕаттан талааннаах уран тарбахтаах иистэнньэҥ. Кырадаһынтан аттаран, оҕуруонан тиһэн, оһуордаан – мандардаан иистэммитэ хайа баҕарар киһини сөхтөрөр, дууһатын долгутар. Сахабыт сирин биллиилээх иистэнньэҥнэрэ бэйэлэрин айар-тутар уопуттарын муһан кинигэ гынан таһааттараллара  эдэр ыччакка, ииһинэн дьарыктаныан баҕалаахтарга наадалаах суол.

Бу кинигэлэртэн бэйэҕитигэр наадалаах сүбэлэри туһаныҥ, халадаайыттан саҕалаан миинэр сылгы кэмпилиэгэр тиийэ иистэнэ холонуҥ. Манна араас ньымалар, бэлэм киэптэр сиһилии быһаарыллан өйдөнүмтүө тылынан, уруһуйунан судургутук быһаарыллан бэриллибиттэр:  

  • Халадаай былааччыйаны тигиигэ сүбэлэри Зинаида Понохова “Сахам талба таҥаһа” кинигэҕэ ааҕыҥ. 

рис 1.jpg рис 2.jpgС 1,2

  • “Сэмээр сэһэргиир иистэнньэҥ эдьиийим” кинигэҕэ норуот маастара Валентина Боронова уонна Августина Стручкова саха таҥаһын тигэргэ тустаах сүбэлэрэ киирбиттэр.

рис 3.jpg рис 4.jpg

  • Билиҥҥи кэмҥэ төрүт үгэһи сөргүтэн аныгылыы моһуоннаах, сахалыы истииллээх таҥастары тигэр албастарын, ньымаларын Светлана Чоросова “Өбүгэ Кэрэтин утумнаан ” кинигэтигэр булуоххут. 
рис 5.jpg рис 6.jpg рис 7.jpg

  • Евдокия Романова “Оҕо сахалыы танаһа” кинигэтиттэн кырачааннартан са5алаан орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар сөп түбэһэр тупсаҕай көстүүлээх таҥастар бэлэм эскиистээрин туһаныаххытын сөп. 
рис 8.jpg рис 9.jpg

  • Саха итэ5элинэн, киэргэл-симэх куһаҕан тыынтан,кырыылаах харах кынчарыйарыттан харыстыыр, араҥаччылыыр суолталаах. Екатерина Горохова – Чөмчүүк “Оҕуруонан оҥоһуктар” кинигэтигэр оҕуруонан тиһии араас ньымаларын билиһиннэрэр уонна сахалыы оһуордаах киэргэллэри, сувенирдары оҥорорго үөрэтэр.
рис 10.jpg рис 11.jpg

  • Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин тутуһан, кырадаһынтан иистэниигэ уһуйар  Людмила Жиркова “Кырадаһын умсулҕана” уонна Альбина Дьячковская “Дьэрэкээн кырадаһыннар” кинигэлэрэ буолаллар. Манна араас ньымалар, сииктэр, албастар, өҥү – дьүһүнү дьүөрэлээһин туһунан ааҕыҥ, кырадаһынтан иис умсулҕаныгар абылатан кэрэни, үйэлээҕи айыҥ. 
рис 12.jpg рис 13.jpg 

рис 14.jpg рис 15.jpg

  • Саха иистэнньэҥ дьахтара уран тарбаҕынан ойууну – оһуору, киллэһиги – аттаһыгы, тимири – көмүһү, ойууну – мандары баһылаабытын туоһулуур чыпчааалынан “Мииниллэр ат симэҕин” тигии буолар. Манна күүс – көмө буолуоҕа этнограф – учуонай Светлана Петрова “Художественное шитье конского убранства якутов:  традиции и современность” монографията. 
рис 16.jpg рис 17.jpg

  • Чаппараах, кычым, лэпсэ тигиилэрин араас технологияларын, иискэ туттуллар тэриллэрин, матырыйаалларын туһунан норуот маастара Людмила Жиркова “Ат симэҕин тигии” кинигэтигэр сиһилии суруллубут. 
рис 18.jpg рис 19.jpg       

“Үчүгэй үлэ үс үйэлээх” диэн мээнэҕэ эппэттэр, илии сылааһын иҥэриммит, истиҥ иэйиинэн тигиллибит сахалыы тыыннаах таҥас хаһан баҕарар сыаналанар, үйэттэн үйэҕэ утумнанар. Иистэнэр киһи чуумпуга санаатыныын доҕордоһор, уоскуйар, толкуйун сааһылыыр. Онон иис киһини ураты турукка киллэрэр, өй – санаа өттүнэн ырааһырдар, сырдатар, сүргэтин көтөҕөр ураты күүстээх.

Ил Дархан Ыйааҕынан, 2012 сылтан саҕалаан, кулун тутар 5 күнүгэр Саха сирин норуоттарын уус-уран оҥоһуктарын, искусстволарын араҥаччылыыр, сөргүтэр уонна сайыннарар сыаллаах, Норуот маастарын күнэ бэлиэтэнэр.

Смотрите также