Хайҕаллаах Хатаспыт сиригэр тапталга олоҕурбут, бигэ тирэхтээх, чөл олохтоох, дьоһун-мааны ыал аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр бары үлэни өрө туппут, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин тутуһан, оҕолорун иитэллэр, нэһилиэк сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр, эдэр ыччакка үтүө холобур буолаллар.
Бүгүн биһиги эһиги болҕомтоҕутугар Хатас ыалларын туһунан кэпсиир виртуальнай быыстапканы таһаарабыт. Быыстапка Россияҕа биллэриллибит дьиэ кэргэн сылыгар ананар.