Кэпсээн сүрэхтэниитэ Түүл
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
21.05.2020

Кэпсээн сүрэхтэниитэ Түүл

Просмотры: 2356

01303997-EDED-4365-A11B-0E0B46982D47.jpeg

Хоһоонньут, кэпсээнньит, мелодия айааччы - Пинигина Валентина Владимировна-Арылы Таатта оройуонун, Дьохсоҕон нэһилиэгэр олунньу ый 15 күнүгэр 1958 сыллаахха төрөөбүтэ. Айымньылара «Таатта», «Орто Дойду», «Киин куорат», «Туймаада» хаһыаттарга, «Чолбон», «Күрүлгэн», «Айар Кут» сурунаалларга, элбэх хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ. Дьохсоҕон оскуолатыгар библиотекарьдаабыта. Үлэ бэтэрээнэ, «Дьохсоҕон нэһилиэгин үөрэҕириитигэр кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, РСПиП «Айар Кут» чилиэнэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Валентина Владимировна бэчээккэ тахса илик «Түүл» - диэн кэпсээнин сэргээн ааҕаргытыгар ынырабыт.

 Түүл

Түннүк нөҥүө ый уота муостаҕа түһэн тулалыыр хараҥаны үтэйэн тунал сырдыгын ыһар. Истиэнэ кытыытыгар турар тахтааҕа утуйа сытар кыыс сыттыгын тумсугар олорсон, көмүс утаҕын өрөр. Ол кэмҥэ кыысчаан онус түүлүн түһээн уһун хара кыламана ибирдии сытта. Арай көрдөҕүнэ ыраас да ыраас хонууга, хатыҥ чараҥ быыһынан муус маҥан халадаай ырбаахылаах, такымынан охсуллар ыас хара, икки аҥы өрүүлээх суһуохтаах, көрүөхтэн кэрэ саха кыыһа дьэдьэн уоһа тэтэрэ, уһун кыламана нуоҕайа, икки көтөн эрэр хаастара сэгэйэ, имигэс имигэстик туттан үҥкүүлээн дугуна сылдьар. Маҥан халадаайа тыалга сөрөнө көтөн, лыах сибэккиттэн сибэккигэ дайа сылдьарын санатар. Кэрэчээн төбөтүгэр кылыгырас оҕуруолаах бастыҥата эйэҥэлиир. Томтойбут түөһүгэр илин кэбиһэрэ тэйиэккэлии ойуолуур. Ханан да былыта суох, дьэҥкир, халлаан оройуттан чаҕыл күн күлүмүрдүүр.Үтэ аспыт ньаассын от, сиккиэргэ бигэнэн долгулдьуйа хамсыыр, күөх баархат буолан күөгэлдьийэ оонньуур. Дьарҕаа оһуор тирэҥсэ от устун бу дыгыйан ааһар, маҥан сото кылбаҥныы халадаай түһэҕэр олорсор. Ону ситэрэ, дьикти музыка буолан, үөһэттэн күөрэгэй ырыата дьурулуу кутуллар. Хатыҥ суугун ырыатын кытары икки намчы лабаа, бу көтөн барыахтыы даллаһа имигэс-имигэстик хамсанан ааһар. Бу кэмҥэ эмискэ будулҕан буһурук түһэн, халлааҥҥа хараҥа былыттар үтүрүһэ анньыһан өрө сүүрэн тахсаллар да, кыысчаан биирдэ бүдүө-бадьыа дойдуга баар буола түһэр. Тымныы чэҥ тыынынан аҥалыйбыт хараҥа бүтэйдэн, чараас былааччыйа нөҥүө былыргы дьыл өтөхсүйбүт уорҕатын тоҥ тыына сабыта биэрэр. Эти-сиини дьөлө кэйэрдии тобулу үрэр. Кыыс тоҥон дьигиһис гынаат, икки саннын холбоччу туттан, илиилэрин кумуйар. Ол икки ардыгар барыаран турбут бүтэй хараҥа, нэлэллэ түһэр да, түгэхтэн былыргы балаҕан ис уораҕайа бу бүдүгүрэ көстөн кэлэр. Дьулатар дьэбидийэр дуораан ынчыктыы эҥсиллэр. Көмүлүөк оһох күл-көмөр холумтана күкээрэр, былыыр үйэ умнууга хаалбыт алтан чаанньык хоруорар. Лэппиэскэ буһарар дьаалбаан тимир омооно ойууланар, күөс туруорар тимир атах түөрэ баран сытар. Оһох кэннэ бу туох эрэ ойон тахсыахтыы барыаран, никсит сыт муннуга саба биэрэр. Тула барыта сиэх аһыах айылаах ынырыктыйан көстөр. Кыыс бу амырыын хартыынаттан куйахата түүрэ тардан, кэннинэн тэйиэккэлиир. Бобута кууһар өлүү уоруттан тэйэ сатаан намчы илиилэринэн хаһыйа далбааттанар. Обоччоллуу тардар туора күүстэн куотан, туох баарынан өрө мөхсөн, төлө көтөөт уһуктан кэлэр. Ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн, бүтүн бэйэтэ тоҥон титириир. Өндөс гынаат, олоро түһэр. Кэрэчээн төбөтүн чараас ытыстарынан саба туттан бу көстөн ааспыт нүһэр түүлүттэн уолуйан, сүрэҕэ битигирии тэбэр. Аттыгар көмүскүөх, хараһыйыах айылаах ким да суоҕуттан хараастан, хараҕын уута халыйар. Арай онно эрэ наадыйбаттыы, түннүгүнэн ый уота оргууй сырдатар. Кубархай иэдэс устун сүүрүгүрэ тохтор харах уутун таммаҕын күлүмүрдэтэ оонньотор.

Хаһыс үйэ дуораана кыысчаан ньулдьу төбөтүгэр тиһиллэн, утуйар уутун уйгуурдан, аймалҕан кутун тула ыһан көстөн ааспытын, аны кэлэн ким тымтыктанан быһааран биэриэ буоллаҕай.

Ссылка картинки баннера.

Смотрите также