Кэм-кэрдии улахан суруйааччыта Соловьев Василий Сергеевич – Болот Боотур
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
14.04.2020

Кэм-кэрдии улахан суруйааччыта Соловьев Василий Сергеевич – Болот Боотур

Просмотры: 2558

Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэрии кыттыылааҕа, талааннаах педагог, норуот суруйааччыта Василий Сергеевич Соловьев – Болот Боотур 1915 сыллаахха Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.

Bolot_Bootur.jpg

Холкуостаах ыччат оскуолатын, Дькуускайдааҕы пединституту бүтэрбитэ. Ылбыт идэтинэн оскуолаларга, профтехучилищеҕа учууталлаабыта.

1942 сыл бэс ыйын 22 күнэ. Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгиттэн сылдьар учуутал Василий Соловьев саа-саадах тутан Ийэ дойдутун көмүскүү турунар. Бастаан Калининскайдааҕы фронт 20-с хайыһар биригээдэтигэр, ол кэннэ Ленинград, Новгород, Псков уобаластарын көмүскэһэр, онтон Украинаны, Польшаны босхолоһор. Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн артиллерист, сержант Василий Соловьев Германияҕа көрсүбүтэ. Онон төрөөбүт дойдутугар 1945 сыллаахха Албан Аат 3-с степеннээх уордьаннаах уонна хас да бойобуой мэтээллээх эргиллибитэ.

1947 сыллаахха уопуттаах учууталы Усуйаанаҕа үөрэх салаатын инспекторынан ыыталлар. Хоту сир хоһуун дьоно, кэрэ айылҕата айар куттаах Василий Сергеевиһы умсугуппута. Кини литератураҕа поэт быһыытынан киирбитэ. «Ол күн» диэн поэмата республикатааҕы куонкуруска иккис бириэмийэни ылбыта уонна 1959 с. бэчээттэммитэ.

Болот Боотур талаана проза жанрыгар сириэдийэн тахсыбыта. Ол курдук 1967 сыллаахха «Сааскы дьыбардар» диэн бастакы романын суруйар. Биир саамай бөдөҥ айымньыта «Уһуктуу» диэн роман-эпопея. Бу үс чаастаах улахан айымньытыгар кини олоҕун 12 сылын аныыр. Төрүт үгэс, социальнай идея уонна историческай түгэннэр «Уһуктуу» ромаҥҥа барыта силлиһэр. Бу айымньытыгар суруйааччы XX үйэ саҕаланыытын ойуулуур, Саха сирин социальнай араҥаларын олохторугар уһуктуу, уларыйыы буолуохтааҕын санатар.

«Таабырын хоһооннор» (1961 с.), «Хомурахтаах мин дойдум» (1965 с.), «Куобахчаан» (1967 с.), «Сырдык мичээрдэр» (1974 с.) диэн оҕолорго кинигэлэрдээх.

Киинэ түспүт, биһигин ыйаабыт Лээги алааһа, тапталлаах Чурапчыта Василий Соловьевка эрчим, күүс эбэрэ. Кырдьыга да, кинини Дьылҕа хаан араастаан сөрөөбүт түгэннэрдээҕэ. 1938 сыллаахха хара балыырга түбэһэн сылтан ордук хаайыыга сыппыта. Сэриигэ иккитэ улаханнык бааһырбыта. Ол да буоллар, санаатын хаһан да булгуруппатаҕа, оҕо курдук үөрүнньэҥ майгытын ыһыктыбатаҕа.

Норуот суруйааччыта, талааннаах педагог, амарах аҕа сырдык аата Хатылы оскуолатыгар иҥэриллэн турар. 

Албан Аат, Аҕа дойду сэриитин I степеннээх уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П. А. Ойуунускай аатынан Саха Республикатын Государственнай бириэмийэтин лауреата. 1966 сылтан Суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ.

Смотрите также