Учуутал, суруйааччы үрдүк чыпчаала
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
18.05.2023

Учуутал, суруйааччы үрдүк чыпчаала[6+]

Просмотры: 1236

Сырдыкка, кэрэҕэ көтүтэр,

Үтүөнү-кэрэни үксэтэр

Үтүөкэн киһибит учуутал

Үйэ саас Эйиэхэ дьиҥ махтал!...

Л.А. Ксенофонтова

 

Ыам ыйын 16 күнүгэр В.Г. Белинскэй аатынан библиотекаҕа Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар «Золотой фонд. Учителя Якутии» диэн бырайыак чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, педагогическай билим кандидата, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация уөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Россия чулуу учуутала, Саха АССР 100 сааһыгар анаммыт бириэмийэ лауреата, Н.Е, П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Оксана Павловна Гаврильева–Айсана «Сүрэхпэр — Эн өрүү», «Мое учительское счастье» диэн кинигэлэринэн бэрт интэриэһинэй көрсүһүү буолан ааста.

Көрсүһүү Айсана саҥа кинигэлэрин сүрэхтэниитинэн саҕаланна. «Сүрэхпэр — Эн өрүү» айымньытыгар сирдээҕи олох түһүүтэ-тахсыыта, аһыыта-ньулууна — маҥнайгы ыраас таптал уонна таҥнарыы; Аҕа дойду иннигэр ытык иэс уонна киһи куттуун ийэ сиргэ тардыһыыта — итэҕэтиилээхтик ойууламмыта ааҕааччыны долгутта. Өр сылларга, улахан сыранан хомуллубут «Мое учительское счастье» кинигэ учуутал идэлээхтэргэ, саҥа үлэлээн эрэр уһуйааччыларга туһаайыллар. Ааптар иитиллибит ийэ тылбытын харыстыыр, омук быһыытынан илдьэ кэлбит сиэрбитин-туоммутун тутуһар эрэ буоллахпытына, самныбат сахалар буолуохпут диэн сиэрдээх санаатын тиэртэ.

Кинигэ биһирэмигэр бииргэ үлэлиир коллегатын туһунан сиһилии кэпсээтэ үрдүк категориялаах учуутал, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара Альбина Арсентьевна Божедонова, ону таһынан Айсана айар үлэтин, айымньыларын кэрэхсээтилэр саха сирин биллиилээх суруйааччылара: СР норуодунай суруйааччыта, поэт, тележурналист Наталья Владимировна Михалева–Сайа, Айсананы киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, күүс-көмө буолбут биир идэлээҕэ СР Суруйааччыларын уонна РФ суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Афанасий Гаврильевич Гуринов–Арчылан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Дьокуускай куорат 33 № орто оскуолатыгар уруһуй, технология учуутала Василий Иннокентьевич Гоголев–Уйулҕан.

Талааннаах киһи барытыгар айдарыылаах. Ол курдук, Айсана иис-уус эйгэтигэр эмиэ сыһыаннаах, ону таһынан, биллэр коллекционер. Кэлбит ыалдьыттар кини көмүс тарбахтарынан тикпит үлэлэрин, баай ис хоһоонноох коллекцияларын көрөн сөхтүлэр-махтайдылар.

Төһө да үлэ кэмэ буолбутун иһин кинигэ биһирэмигэр Айсана айымньыларын сүгүрүйээччилэрэ бириэмэ аттаран тоҕуоруһа муһуннулар элбэх алгыс, махтал тылларын эттилэр. Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуон оҕолоро инники идэлэригэр туһааннааҕы билэн, сүбэ-ама ылан тарҕастылар. Көрсүһүү түмүгэр, библиотека ааҕааччыларыгар анаан Айсана саҥа тахсыбыт кинигэлэрин бэлэх уунна.

Түгэнинэн туһанан, Оксана Павловнаны библиотека аатыттан, үбүлүөйдээх сылгынан истиҥник эҕэрдэлиибит. Баай ис хоһоонноох олоҕуҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһугар сыралаах үлэҥ-хамнаһыҥ ситиһиилээх буоллун, баҕа санааларыҥ туоллуннар! Чэгиэн-чэбдик сырыт, үүнэр ыччакка үүннээх-тэһииннээх үтүө тылгын иһитиннэрэ, сүбэ-ама, көмө-ньыма буола тур диэн алгыспытын аныыбыт!

Матырыйаалы бэлэмнээтилэр 

Алевтина Евдокарова, Айталина Прядезникова

 

Кыттааччылартан тэрээһин түмүгүнэн сыанабыл


Хаһан да умнуллубат кэрэ күнү бэлэхтээбиккитигэр ис дууһабыттан махтанабын. Наһаа истиҥ, иһирэх көрсүһүү буолла, наһаа үөрдүм, дьоллоннум. Бары этиллибит тыллар бу сиргэ таах сылдьыбатахпын туоһулаатылар. Үөрүүбүттэн кынаттаммыт курдукпун. Бары библиотека үлэһиттэригэр барҕа махтал. Үлэҕитигэр ситиһиини, тус олоххутугар дьолу - соргуну!

Айсана


Белинскэй аатынан библиотекаҕа учуутал уонна суруйааччы Оксана Гаврильева- Айсана кинигэлэрин сүрэхтээһин олус истиҥ-иһирэх эйгэҕэ буолан ааста. Учуутал аймах уонна суруйааччылар бииргэ түһүлгэлээн олорон «Мое учительское счастье» диэн публицистиканы уонна «Сүрэхпэр эн өрүү» диэн кэпсээннэр кинигэлэрин олус көхтөөхтүк ырыттыбыт уонна ис хоһооннорун тула кэпсэттибит. Оксана Павловна өссө үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.

Сайа


Бүгүн, ыам ыйын 16 күнүгэр учуутал, методист, наставник, научнай руководитель, кылаас салайааччыта, суруйааччы Оксана Павловна Гаврильева суруйбут кинигэлэригэр аналлаах тэрээһиҥҥэ сылдьан астынан, дуоһуйан, өрө көтөҕүллэн тарҕастыбыт. Норуот суруйааччыта Сайа, биллэр суруйааччылар Уйулҕан, Арчылан кэлжэн ыалдьыттаан, алгыс тылларын эттилэр. Элбэх кэпсээн кэтэһэллэрин эттилэр.

Кэрэ киэһээни бэлэхтээбит библиотека үлэһиттэригэр барҕа махтал!

Устудьуон оҕолор кэлэн киэһээни киэргэттилэр, коллегалара наһаа үчүгэй истиҥ тыл эттилэр.

Яковлева Е.Ф.


Суруйааччы Айсана бэртээхэй кинигэлэрин биһирэмин олус сэҥээрдим. Инникитин оҕолорго аналлаах кинигэлэри учуутал-суруйааччы сыал-сорук туруорунан суруйара буоллар. Инникитин айымньылаахтык үлэлээ, ситиһиилээх буол!

Лидия Сахатаева


Суруйааччы, учуутал, эргиччи талааннаах киһини – Гаврильева Оксана Павловнаны-Айсананы кытта бэрт кэрэхсэбиллээх көрсүһүү буолла. Ааҕааччылар ортолоругар учуутал идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар кэлбиттэрэ олус үчүгэй. Туһалаах, элбэххэ үөрэтэр, үллэстэр кинигэлэр тахсыбыттарыттан, Айсана дьон туһугар суруйбут кинигэлэриттэн тус бэйэм олус үөрдүм.

Библиотека маннык хайысханан үлэлиирэ хайҕаллаах уонна туһалаах эбит. Инникитин бу кинигэлэр серия быһыытынан салҕаналларыгар баҕарабын.

Махталы кытта, Н. Дьячковская


Биһиги, Степан Филиппович Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж “Алын сүһүөх оскуола оҕолорун үөрэтии” салаатын бастакы кууруһун устудьуоннара ыам ыйын 16 күнүгэр педагогическай наука кандидата, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Оксана Павловна Гаврильева – Айсана “Сүрэхпэр – эн өрүү” уонна “Мое учительское счастье” диэн кинигэлэрин сүрэхтэниитигэр сырыттыбыт. Олуһун диэн астына көрдүбүт Оксана Павловна талыы-талба оҥоһуктарын, дириҥ ис-хоһоонноох олус интэриэһинэй кинигэлэрин, сөҕө-махтайа иһиттибит баай уопуттаах, таһаарыылаах, ситиһиилэрдээх, айымньылаах үлэтин туһунан коллегалара, суруйааччылар, ыкса алтыһар дьонноро ахтыыларын.

Педагог уонна Наставинк сылыгар Оксана Павловнаттан кинигэ бэлэх тутан үөрүүбүт үгүс, Махталбыт муҥура суох. Баҕарабыт Бастыҥ Учууталга өссе үрдүк дабайыылары, үгүс-элбэх үөрүүлээх түгэннэри, этэҥҥэ буолууну!

Степан Филиппович Гоголев аатынан 

Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннара 


Презентация книг "Сурэхпэр эн өруу... ", "Мое учительское счастье" Оксаны Гаврильевой - АЙСАНЫ @oksana_gavrilyeva моей сокурсницы по национальному шитью,бывшей коллеги. Какие талантливые интересные люди меня окружают! Получила мощный заряд, прилив энергии, дала себе слово чаще посещать такого рода встречи.

@mariamayorova


Сегодня мне удостоилась возможность присутствовать на особенном вечере в честь творческого вечера нашей дорогой коллеги. Так приятно было слушать слова творческих, духовно богатых людей. А какие гости душевные, каждый со своей историей, со своей судьбой...Такое ощущение было, что сидишь дома у бабушки и дедушки, где всегда уютно, тепло. От таких встреч остается приятный осадок в душе, ты становишься на какой-то процент мудрее своих лет. Ведь перенимая совет и ценный опыт таких уважаемых людей, мы получаем ответ на многие вопросы, начинаем ценить каждый день нашей жизни, учимся чему-то новому и стремимся к совершенствованию. Спасибо еще раз. Оксана Павловна, за вашу трогательную историю, за ваше чуткое внимание и ценнейший опыт, которым вы открыто делитесь с нами. Не устану восхищаться вашей работой.

Анастасия Гаврильевна Иванова


Дорогая Оксана Павловна, благодарю вас за возможность присутствовать на вашем чудесном творческом вечере. В моей душе ваши слова и слова ваших прекрасных гостей оставили неизгладимый след. Настолько этот вечер был душевным, открытым и трогательным. Слушая речь ваших гостей, я открыла другие грани вашей жизни. Было настолько все интересно, я прям слушала каждого, как маленький ребенок, который слушает сказку из уст мамы. От таких встреч остается приятный осадок в душе, мы становимся мудрее своих лет, начинаем задумываться о настоящем предназначении, о чем-то очень важном… Слушать и перенимать опыт таких людей- это ценнейший вклад. Спасибо еще раз за ваше трогательную историю, за чуткое внимание к каждому и, конечно, за ценнейший опыт, которым вы открыто делитесь со всеми. Я поняла, что в следующий раз на таких встречах нужно обязательно идти с блокнотом и с ручкой, чтобы писать наставления и мудрые слова.

Айталина Евгеньевна Нестерова

Смотрите также