Бүгүн үгүс көлүөнэ саха дьоно сөбүлээн ааҕар чулуу суруйааччыта Софрон Петрович Данилов биир былаһааккаҕа республика олохтоохторун түмтэ.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуолаларга, бибилэтиэкэлэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ, Горнай улууһун Петр Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар «Данилов дьыктаана» аахсыйа В. Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэтигэр буолан ааста.
Софрон Данилов айар үлэтин, чаҕылхай олоҕун-дьаһаҕын, төрөөбүт дойдутун туһугар үлэтин-хамнаһын туһунан 25 ыйытыыттан турар тургутугу Дьокуускай куорат 38 №-дээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна бары баҕалаахтар суруйдулар. Дьыктаан кыттыылаахтарыгар барыларыгар Туоһу сурук, онтон саамай элбэх баалы ылбыт киһиэхэ Мэҥэ сурук туттарыллыаҕа. Бары кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махтал!
Өрүүтүн даҕаны саха чулуу дьонун үйэтитэр тэрээһиннэр ыытылла турдуннар! Норуот таптала үйэттэн үйэҕэ сөҕүрүйбэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕана туруохтун! Саха Өрөспүүбүлүкэтэ барҕарыы суолунан сайдарыгар бөҕө акылаатын уурсубут саха норуотун чулуу уола Софрон Даниловка өлбөт-сүппэт албан аат буолуохтун!