Сахалыы дьыктаан
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
14.02.2024

Сахалыы дьыктаан[16+]

Просмотры: 797
13 февраля 2024 года Краеведческая библиотека имени В. Г. Белинского стала площадкой ежегодной республиканской акции «Сахалыы дьыктаан», которая проводится с 2014 года и в этом году прошла в республике десятый раз. Инициаторы, организаторы и авторы - Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ СВФУ и Национальная библиотека РС(Я).
Диктант приурочен ко Дню родного языка и письменности, призван популяризировать якутский язык, развивать у населения навыки правильного и грамотного письма, воспитывать бережное отношение к якутскому языку и уважение к национальным традициям.
В этом году акция посвящена творчеству Софрона Петровича Данилова, народного писателя, члена СП СССР, СП России и Якутии, заслуженного работника культуры РФ, лауреата Государственной премии РСФСР им. А. М. Горького, участника Великой Отечественной войны. Участники написали текст по произведению «Ийэ сир».
Желающих проверить свою грамотность было 22 человека. Благодарим всех тех, кто принял активное участие в мероприятии. Итоги акции будут известны 16 февраля. Следите за нашими соц.сетями.

Олунньу 13 күнэ Саха сирин үрдүнэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Бу күн 1996 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрисидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн» биллэриллибитэ.
2014 сылтан үгэскэ кубулуйбут Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбүрсүтүөт уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар сахалыы дьыктааны суруйуу аахсыйа В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.

Дьыктаан ыытыллар сыала-соруга: Саха тыла киэҥ эйгэҕэ-билимҥэ, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, дьыала-куолу тылыгар, үлэ араас салаааларыгар, тэрилтэлэргэ туттуллар, сайдыбыт истииллэрдээх, олоҕурбут нуормалаах судаарыстыба тыла буолар. Таба суруйуу литэрэтиирэ, сурук-бичик тылын нуорматын биир суолталаах салаата. Бу тэрээһин оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах ыытыллар.
Быйылгы дьыктаан, саха норуодунай суруйааччыта, Россия М. Горькай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата, кэпсээн, сэһэн уонна роман жанрдарын сайыннарбыт прозаик, драматург, поэт, литературнай кириитик, публицист, эрэдээктэр, оскуола учебниктарын уонна бырагыраамаларын оңорооччу, Саха сиригэр уонна Россияҕа киэңник биллибит уопсастыбаннай деятель, норуот өйүн-санаатын лидерэ Софрон Петрович Данилов «Сир ийэ» айымньытынан суруйуу буолла.

«Норуоппут дьылҕата» кинигэттэн «Сир ийэ» диэн айымньыттан быһа тардан, 213 тылтан, 20 этииттэн турар тыллаах тиэкиһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Юрий Платонов аатынан эстрада театрын артыыһа, "Тэтим" саха араадьыйа редактора, Арассыыйа журналистарын союһун чилиэнэ Александр Максимов аахта. Дьыктааны саха медицинскэй колледжын устудьуоннара, Үһүс көлүөнэ оскуола литературнай бөлөҕүн уһуйуллааччылара уонна бары баҕалаахтар суруйдулар.
Дьыктааны бэрэбиэркэлээһини кылаабынай дьүүллүүр сүбэ быһыытынан Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Гаврильева Вера Святославовна сыаналыаҕа.

Бары кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махтал. Дьыктаан түмүгүн таһаарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга олунньу 16 күнүгэр туспа тэрээһин быһыытынан ыытыллыаҕа
Статью подготовил(-а): Айталина Прядезникова

Смотрите также