Саныырбын сааһылаан суруйан,
Сахалыы хоһоон диэн ааттыыбын.
Сүрэҕим хааныттан хаан ылан
Өлбөккө өр тыыннаах сырыттын!...
М.П. Куличкина
От ыйын 6 күнүгэр В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотекаҕа саха дьахталларыттан биир бастакынан айар үлэ умсулҕаннаах дьарыгар ылларбыт поэтесса, үгүс хоһоонноро ырыа буолан ылланар Марфа Петровна Куличкина 95 сылын көрсө «Олоххо ыҥырар хоһооннор» диэн бэрт интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста.
Куйаас сайыҥҥы күн ааҕар саалаҕа, Марфа Петровна Куличкина сирдээҕи олоҕун, айымньылаах үлэтин сүгүрүйээччилэрэ бириэмэ аттаран тоҕуоруһа муһуннулар уонна ахтыы, махтал тылларын эттилэр. Ол курдук, ыҥырыылаах ыалдьыттар: дьиэ кэргэн педагога Любовь Аргунова, бөлүһүөк, суруналыыс Анатолий Павлов-Дабыл, ырыа айааччы Розалия Анисимова-Талбаана, Михаил Санников-Уол Сарсын, Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах, Галина Шарина, Валентина Сокольникова, Зоя Тумусова, Георгий Белоусов истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан аастылар, хоһооннорун аахтылар, ырыаларын ыллаатылар. Үтүө, сэмэй да киһи кэлэн, олорон, айан-тутан, суруйан барбытын өссө төгүл өйдөөн-санаан аастыбыт, үгүс көлүөнэ саха дьоно таптаан ыллыыр ырыаларын тылларын айан хаалларбыт поэтесса буоларын бигэргэттибит.
Санатар эбит буоллахха, Марфа Куличкина хоһоонноро аан бастаан 1949 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонунааҕы «Колхоз кырдьыга», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эдэр большевик» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Кэлин айымньылара «Хотугу сулус» сурунаалга тахсыбыттара.
Кини суох буолбутун кэннэ хоһооннорун түмэн биир дойдулаахтара Илья Скрябин «Үрүҥ түүл», Иван Тарабукин «Сүүнэ тыл сүмэтин булларбын» (2012 с.), Любовь Аргунова «Күөрэй дуу, күөрэгэйим» (2015 с.) диэн кинигэлэри таһаарбыттара.
Марфа Петровна 40 сылга тиийбэт кэм устатыгар айан-суруйан хаалларбыт нэһилиэстибэтигэр 200-чэкэ хоһоонноруттан саха мелодистара кэрэхсээн дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэт 50-ча ырыа матыыбын айыталаабыттара. Холобура, биллэр мелодистар Валерий Ноев «Күөрэгэй», «Чараҥҥа», Галина Шахурдина «Алгыс ырыата», «Таптыыбын эйигин», Аркадий Алексеев «Киэн туттан ыллыыбын» диэн ырыаларын норуот күн бүгүҥҥэ диэри таптаан ыллыыр.
Инникитин, Марфа Куличкина хоһоонноро, ырыалара өссө да элбэх ааҕааччы болҕомтотун тардалларыгар, өссө да үгүс иһиллиэхтээх санаалар этиллэллэригэр, ырыалар айыллалларыгар баҕарабыт уонна бигэ эрэллээхпит.
Кыттааччылартан тэрээһин түмүгүнэн сыанабыл
Кэрэ күнү бэлэхтээбиккитигэр ис дууһабыттан махтанабын. Наһаа истиҥ, иһирэх тэрээһин буолла, наһаа үөрдүм, дьоллоннум, оҕо сааспын санаатым.. Бары библиотека үлэһиттэригэр барҕа махтал. Үлэҕитигэр ситиһиини, тус олоххутугар дьолу - соргуну!
Н.Павлова
Белинскэй аатынан библиотекаҕа поэтесса Марфа Куличкина төрөөбүтэ 95 сылыгар тэрээһин олус истиҥ-иһирэх эйгэҕэ буолан ааста. Олоҕун тула кэпсэттибит, айымньыларын олус көхтөөхтүк аахтыбыт, ыллаатыбыт.
Кэрэ күнү бэлэхтээбит библиотека үлэһиттэригэр барҕа махтал!
Сайын Кыыһа