Сэтинньи 28 күнүгэр В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит сүдү айымньы тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр, итиэннэ ис хоһоонун нуучча тылынан киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйаҕа кытынна.
Быйыл дьыктаан Платон Алексеевич Слепцов - Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыллан ааҕылынна. Барыта 15 киһи кыттыбытыттан, 7 киһи – «Бастыҥтан бастыҥ суруксут», 5 киһи – «Бастыҥ суруксут» добун суруктары тутан, үчүгэй түмүгү көрдөрдүлэр
Ону таһынан дьыктаан кыттааччылара бибилэтиэкэ үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн тэриллибит коллекционер Сергей Осипов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо араас тылынан тахсыбыт кинигэлэрин, сэдэх матырыйаалларын көрдөрөр «Өбүгэ тыыннаах тыла» диэн быыстапкатын сэҥээрдилэр.
Сылын ахсын ыытыллар аахсыйаҕа дьыктааны суруйааччылар элбии тураллара, ордук эдэр ыччат кэлэн суруйара кэрэхсэбиллээх.
Дьыктааны суруйбут Дьокуускайдааҕы В.А. Вонгродскай аатынан медицинскэй үөрэх кыһатын устудьуоннарыгар, көхтөөх ааҕааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит!