Өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын, төрөөбүт төрүт тылбытын, төрүт култуураҕа уонна норуот историятыгар билиини сөргүтэн Бүтүн Арассыыйатааҕы ”Библионочь” акция иһинэн ыытыллар “Бэйбэрикээн ыллыктарынан” квест-оонньууга оскуола үрдүкү кылааһын уонна устудьуоннары көхтөөхтук кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!
БАЛАҺЫАННЬАТА
Оҕо саас - киһи оонньоон үөрэнэр, сайдар кэмэ. Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох.
1. Уопсай балаһыанньата
1.1. “Бэйбэрикээн ыллыктарынан” квест-оонньуу (мантан аллараа - Оонньуу) Бүтүн Арассыыйатааҕы ”Библионочь” акция иһинэн ыытыллар.
1.2. Оонньуу тэрийээччилэрэ - В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр библиотека, ”Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ, Е. М. Ярославскай аатынан Саха музейа, П.А.Ойуунускай аатынан литературнай түмэл, «Россия - моя история» түмэл
1.3. Оонньуу кыттааччылара бэлэмнэммит, ыйыллыбыт сырыынан (маршруттарынан) сылдьан сорудахтары толоруулара. Оонньуу түмүгүнэн Бэйбэрикээн ынахтарын хомуйуу. Сөпкө толоруллубут сорудах - 1 ынах.
1.4. Оонньуу сүрүн өйдөбүллэрэ:
1.4.1. Оонньуу – уопсайа 5 түһүмэҕинэн сылдьан араас таһымнаах сорудахтары толоруу.
1.4.2. Хамаанда – 5-7 оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ эбэтэр устудьуоннар. Хас биирдии хамаанда 5-тии түһүмэҕи ааһыахтаах.
1.4.3. Сорудах – түһүмэхтэр боппуруостарыгар хоруйдааһын, тургутуктары таайыы эбэтэр оҥорон көрдөрүү, булуу, көрдөөһүн.
1.4.4. Хас биирдии хамаанда бары түһүмэх сорудахтарын толору ааһыахтаах.
1.4.5. Хамаандалар ааһар сырыыларын (маршруттарын) таһыма биир тэҥ уустуктаах.
2. Сыала, соруга
Сыала:
- өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын, төрөөбүт төрүт тылбытын сөргүтүү; төрүт култуураҕа уонна норуот историятыгар билиини тургутан көрүү, айар дьоҕуру сайыннарыы
Соруктара:
- саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар интэриэһи үөскэтии, үөрэнээччи билиитин тургутан көрүү;
- оҕо сахалыы толкуйа, анаарыыта сайдарыгар олугу ууруу;
- оҕолор билэр-көрөр баҕаларын уһугуннарыы, сайыннарыы
4. Кыттааччы
4.1. Күрэскэ олорор сириттэн тутулуга суох 14-16 саастарын туолбут оҕолор бөлөхтөрө кыттыыны ылаллар.
4.2. Кыттыы босхо.
5. Ыытыы бэрээдэгэ, болдьоҕо
5.1. Ыытыы бэрээдэгэ:
I - балаһыанньа ыам ыйын 16 күнүгэр электроннай почтанан оскуолаларга, үөрэх тэрилтэлэригэр тарҕанар.
II - кыттааччылар ЭППИЭТТИИР ИЛИИСТЭРИ толорон ыам ыйын 18 күнүттэн ыам ыйын 23 күнүгэр диэри электроннай почтаҕа belinka@cbsykt.ru “Бэйбэрикээн ыллыктара” квест-оонньуу диэн бэлиэтээн ыыталлар.
III - Оонньуу ыам ыйын 24 күнүттэн саҕаланар, ыам ыйын 25 күнүгэр түмүктэнэр. Түмүк ыам ыйын 28 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Библионочь” акция күнүгэр тахсар.
IV. Кыттар хамаанда салайааччытын аатын, үөрэнэр тэрилтэтин уонна хайдах сибээстэһэри (e-mail, төлөпүөн) ЭППИЭТТИИР ИЛИИСКЭ толору суруйар.
5.2. Болдьоҕо:
5.2.1. Ыам ыйын 24 күнүгэр Оонньуу кыттааччылара В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотекаҕа (Ф.Попов уул., 18 дьиэ) кэлэн ааҕааччы аатын сүгэллэрэ ирдэнэр.
5.2.3. Ол кэннэ анал бэрээдэктэммит сырыынан Оонньууну саҕалыыр.
6. Түмүгү таһаарыы
Кыайыылаах хамаанда Оонньуу түмүгүнэн хомуллубут ынах ахсаанынан быһаарыллар. Ким элбэх ынаҕы хомуйбутунан 1, 2, 3 миэстэҕэ тахсаллар. Кыайыылаахтар анал бирииһинэн уонна добун суруктарынан бэлиэтэнэллэр. Кыайыылаах хамаанда салайааччыларыгар махтал сурук туттарыллар. Бары кыттааччылар туоһу суругунан бэлиэтэнэллэр.
Билсэр телефоннаргыт: 21-48-20, 89243627297, 89142774801
БАРЫГЫТЫГАР СИТИҺИИНИ!
Эппиэттиир илиис:
Хамаанда кыттааччыларын толору аата-суола |
Төрөөбүт кунэ, ыйа, сыла |
Үөрэҕин кыьата
Кылаас/Курс |
Салайааччыта |
Телефонун нүөмэрэ |
Электроннай почта аадырыһа |
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
|
Эппиэттиир илииhи сыылканан киирэн толоруҥ уонна электроннай почтанан ыытыҥ