Бэс ыйын 20 күнүгэр Кыраайы үөрэтэр В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ «Истиҥ кэпсэтии» диэн ааҕааччылары кытта кармология үөрэҕин саха итэҕэлин кытта сибээстээн көрөр Ньургуйаана Хатылаевалыын сэргэх кэпсэтии буолан ааста.
Ньургуйаана тус бэйэтин, дьоҕурун, үлэтин туһунан уонна кармология үөрэҕэ киһи олоҕор туох суолталааҕын сиһилии билиһиннэрдэ. Тулалыыр эйгэни үөрэтии, бэйэни иһиллэнии, духуобунай сайдыы, ыраастаныы, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыы, тапталынан олоруу бэрт үрдүктүк сыаналанарын умнумуохха наада эбит. Кэлэр олохпут уонна инники көлүөнэ сайдарын туһугар куппут үлэ ыыта кэлэрин өйдүөх тустаахпыт.
Биир эйгэлээх, интэриэстээх дьон кармолог көрүүтүн, этиитин истэн, ирэ хоро кэпсэтэттилэр, санааларын үллэһиннилэр.
«Дьылҕа–Судьба» кинигэ быыстапката тэрээһин кыттыылаахтарын сэҥээритин ылла, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатаары туһалаах кинигэлэри уларсан, үөрэ-көтө тарҕастылар.
Ольга Иванова, сүрүн бибилэтиэкэр