Дьоруойбут туһунан өйдөбүнньүк - кинигэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
29.06.2021

Дьоруойбут туһунан өйдөбүнньүк - кинигэ

Просмотры: 2151

WhatsApp Image 2021-06-27 at 17.38.17.jpeg

Сүүрбэлэригэр-отуттарыгар эрэ сылдьан, Аҕа дойду иһин  кыргыһыы хонуутугар хаалбыт хаарыан  уолаттарбытын ким-туох төнүннэриэй, ким көмүскүөй, саныай кэлин...

Киһини тыыннаахтар саныылларын-өйдүүллэрин тухары тыыннаах, дьон-өйүгэр санаатыгар буолар дииллэр. Онно эбиэхпин баҕарабын,  өссө сурукка хааллаҕына үйэтийэр. Суруллубут суоруллубат.

 Мин иннибэр Марфа Попова-Филатова «Убайым Сүөдэр – бар дьонун сүрэҕэр»  диэн 2005 cыллаахха тахсыбыт улахан, баай ис хоһоонноох, оҕо да, кырдьаҕас да ааҕарыгар табыгастаах буоллун диэн улахан буукубаларынан суруллубут кинигэтэ  сытар. Баара-суоҕа  22 сааһыгар Аҕа дойду сэриитин толоонугар дьоруойдуу охтубут Федор Попов туһунан маннык элбэх матырыйаал мунньуллан, сыалай кинигэ буолан тахсыбыта киһини сөхтөрөр. Ааптар өр сылларга дьаныһан  туран  үлэлээбит үлэтэ. Бу сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа,  биһиги олохпут иһин эдэркээн олоҕун толук уурбут Федор Кузьмич Попов туһунан тахсыбыт бастакы кинигэ буолар. Кинигэ чугас дьонун, аймахтарын кэпсээннэриттэн, доҕордорун, дьонун-сэргэтин, фроҥҥа көрсүбүт биир дойдулаахтарын ахтыыларыттан турар.  Сыһыарыыларыгар: докумуоннар, хаартыскалар, төрүччүтэ, дьоруойга анаан айыллыбыт ырыалар, кинини үйэтиппит суруйааччылар ааттара, худуоһунньук  хартыыналарын, туруоруллубут өйдөбүнньүктэр  хаартыскалара бааллар. Бу кэриэстэбил кинигэ Федор Кузьмич туһунан толору, дириҥ ис хоһоонноохтук суруллубут. Аҥардас кэпсээннэр, ахтыылар ааттара  дьоруой үтүө киһи этэ диэн туоһулуууллар: Сүөдэр баар буолан, Мас-таас курдук боппута, Соруммутун ситиһэрэ, Хойутаан-эрдэлээн сылдьара, Эн ааккын ууруубун, Үөрэхтээх буоларбар ыҥырара, Дьоруойга үөрэммит дьоллоохпун...

Кинигэҕэ «Ийэм таайбын атаарбыта» диэн тыыл, үлэ бэтэрээнэ Лебедев Егор Семенович уйадытар ахтыытын ааҕа олорон, 22 сааһыгар сэриигэ сура5а суох сүппүт эдэркээн таайбын Ефимов Прокопий Алексеевиһы ис-испиттэн аһына-харыһыйа санааммын, харааһынным. Барахсаттар, элбэх да ньургун ыччаттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэн кэлиэх буолан баран эргиллибэтэх,төннөн кэлэн ыал буолан, ыччаттанан, дьоллоох буолар ыра санаалара туолбатаҕа абатын-сататын! 

WhatsApp Image 2021-06-27 at 17.36.28.jpeg

Дмитриева Октябрина Егоровна

Бу Лебедев Егор Семенович аймахтарыттан хайаан да кими эрэ кытта кэпсэттэххэ табыллар диэммин, кини төрөппүт кыыһын И.Г.Игнатьев аатынан Хара спортивнай орто оскуолатын педагог- библиотекэрэ  Октябрина Егоровна (Лебедеваны) Дмитриеваны булан ыллым. Киһим айанныы сылдьар эбит: «Тиийдэхпинэ, суруйан ыытыам»,- диэтэ. Уонна ол түүн тиийээт, эппитин быһа гыммакка суруйан ыыппытын, манна таһаардым. 

-  Федор Кузьмич Поповка ханан аймаххыный?

Сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Попов Федор Кузьмич төрүччүтүттэн көрдөххө, аҕата Кузьма Самсонович бастакы кэргэниттэн бэһис оҕонон төрөөбүт Прасковья Кузьминична Попова-Лебедева мин аҕам Егор Семенович Лебедев төрөппүт ийэтэ. Онон Федор Кузьмич мин таайым буолар.  

- Федор Кузьмич хайдах көрүҥнээх киһи этэй?

Таайбыт сэбэрэтин хаартыскаттан эрэ көрөн билэр этибит. Пилоткалаах, байыаннай таҥастаах. Биир дойдулаахтара, сэриигэ бииргэ ыҥырыллан барбыт дьоно, аймахтара ахтыы оҥорон хаалларбыттарыттан кини сырдык кэрэ сэбэрэлээх,  саһааны эрэ кыайбат үрдүк уҥуохтаах, бэйэтин кыанар киһи эбит диэн билэбит.

- Федор Кузьмич киһи быһыытынан өрүттэрин сырдатыаҥ буолаарай? 

-  Ахтыылар, докумуоннар кэпсииллэринэн Федор Кузьмич сэрии иннинэ хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит. Кини үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, дьыаланы олус чуолкайдык толорор, аҕыйах саҥалаах буолан баран тылын иһитиннэримтиэ, бэйэтин санаатын дьоҥҥо сатаан тиэрдимтиэ, сүрдээх лоп-бааччы ыччат эбит. Ити кини салайааччы быһыытынан хайдаҕын этэр. 

Бииргэ сэриигэ ыҥырыллыбыт биир дойдулааҕа Иван Петрович Жирков, эмискэ байыаннай усулуобуйаҕа түбэһэн улаханнык ыран-дьүдьэйэн сылдьан таайбытын 1943 с. тохсунньу 15 күнүгэр  Юг станцияҕа көрсөрүгэр,  “Сүөдэр сэбэрэтэ бэрт, санаата күүстээх этэ. Ити кини балай эмэ тулуурдааҕын туоһулуура”- диэн ахтыытыгар суруйбут. Таайбыт оҕо эрдэҕиттэн сахалыы атах оонньууларын, сүүрүүнү олус сөбүлүүр эбит. Ол дьарыга сэрии кытаанах усулуобуйатын тулуйан сылдьарыгар көмөлөстөҕө.

Кини оҕолору олус сөбүлүүр эбит. Бириэмэлээх эрэ буоллар үлэ кэнниттэн сайылык оҕолорун мунньан тэҥҥэ мохсуо бырахсан, сасыһа оонньоон, кылыйсан, сырсан куоталаһа оонньууллар эбит. Сэрииттэн төннүбүтэ буоллар баҕар олоҕун оҕону иитиигэ аныа этэ.

- «Убайым Сүөдэр – бар дьонун сүрэҕэр» кинигэ ааптарын Марфа Попова-Филатова туһунан.

Биһиги аймах тумус туттар, ытыктыыр биир эдьиийдээх этибит. Федор Кузьмич бииргэ төрөөбүт кыра убайа Петр Кузьмич Попов кыыһа, Саха Республикатын үөрэҕириитин Бочуоттаах ветерана, Учууталлар учууталлара, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Саха Азия оҕолорун фондатын стипендиата, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Төҥүлү орто оскуолатыгар саха тылын,литературатын учууталынан үлэлээбит Марфа Петровна Филатова туһунан  ахтыахпын баҕарабын уонна Федор Кузьмич Попов 100 сааһа быйыл туоларынан, тоҕоостооҕунан ааҕабын. Марфа Петровна аҕата Петр Кузьмич, олоҕун устатын тухары кыаммакка көмөлөһөр, сэрии, сут сылларыгар булдунан, балыгынан элбэх дьон олоҕун салҕаабыт, аймах билэ дьонун түмэр,  сылдьар дьону чэйдэппэккэ эрэ таһаарбат сайаҕас майгылаах  киһи этэ диэн элбэх киһи махталынан ахтан, санаан ааһар эбит. Эдьиийбит, Марфа Петровна, аҕатын холобурун салҕаан,  Попов аймахтары түмэн, Федор Кузьмич аатын үйэтитиигэ күүскэ ылсан үлэлээбитин, сүүрбүтүн-көппүтүн сыаналыыбыт, кининэн киэн туттабыт. Бииргэ төрөөбүт балта Аграфена Петровна этэринэн, ол үлэтин Марфа Петровна 60-с сыллартан учуутал түбүктээх үлэтин быыһыгар кыра - кыралаан матырыйааллары хомуйууттан саҕалаабыт.  1990 сыл аймахтарын барыларын мунньан, Сыҥаһалаахха “Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин “тэрийбитэ. Манна Федор Кузьмич сэриигэ барбыт «Атыыр тириитэ”  сайылыгар мемориальнай комплекс бастакы өйдөбүнньүгэ  арыллыбыта, таайбыт бүүһэ туруоруллубута.  2000 сыл “Биһиги Сүөдэрбит» киинэ тахсыытыгар, 2005 сыл Кыайыы 60 сылын көрсө  Федор Кузьмич туһунан, кинини тыыннааҕар көрбүт, бииргэ төрөөбүт, үөрэммит, үлэлээбит бар дьонун ахтыыларын өр кэмҥэ хомуйан, “Убайым Сүөдэр-бар дьонун сүрэҕэр» диэн ааттаан таһаарбыт кинигэтигэр дьаныһан туран үлэлээбитэ.  2012 сыл «Атыыр тириитэ”  сайылыкка 30-тан тахса сыл турууласпыт мемориальнай комплексын  тутуутун  түмүктээбитэ. Онно, бу сайылыктан сэриигэ ыҥырыллан барбыттартан орденнаах дьонун бэлиэтээн “Сайылык уолаттарынан”,  сэрии сылларыгар Кыайыы туһугар диэн үлэлэринэн турууласпыт биир дойдулаахтарыгар анаан, “Сыҥаһалаахтан Кыайыыны уһансыбыттар” уонна “Өбүгэлэрин үйэтиппиттэр”  диэн  ааттардаах  сиппит-хоппут стелла арыллыбыта. Ол күн сарсыарда айаннаан тиийэрбитигэр ардах ибиирэрэ, былыттаах курас күн этэ. Стелланы арыйан баран алааска  ыһыах түһүлгэтигэр киирэн, эдьиийбит уотун аһатан алҕаабыта, киһи сөҕүөн курдук халлааммыт ырааһыран күммүт көрбүтэ. Онно, эдьиийбит дойдутун кытта быстыспат биир ситимнээҕин,  ис - сүрэҕиттэн баҕарбыт баҕата, санаата туолбутуттан өбүгэлэрбит астыммыттарын итэҕэйбиппит.  

Эдьиийбит Марфа Петровна  сыраласпыт үлэтэ таах хаалбакка, аймах - билэ дьон бииргэ тутуһан убайбыт, таайбыт Федор Кузьмич ситэ олорботох олоҕун ситэрэн, кини аатын өрүү киэн тутта ааттыы туруохтара диэн бигэ эрэллээхпин. 

Быйыл Федор Кузьмич 100 сааһа туоларынан улууспут, Баатара нэһилиэгэ араас тэрээһиннэри былааннаабыта туох эрэ саҥаны, урукку өттүгэр биллибэтэҕи киэҥ эйгэҕэ таһааран сэҥээриини ылыа, үрдүк таһымҥа бэлиэтэниэ диэн эрэнэбин». В.Г.Белинскэй аатынан куораттааҕы киин библиотека аатыттан Федор Попов аймахтарыгар, Эверстов Александр Васильевичка,Мэҥэ Хаҥалас кыраайы   үөрэтэр түмэлин    үлэһитигэр тэрээһиннэрбитигэр кыттыыгыт   көмөҕүт иһин махтанабын. Бу с ыл ахсынньы 8  күнүгэр Попов Федор Кузьмич төрөөбүтэ 100 cыла. Онно араас тэрээһиннэргэ бу кинигэ баай, документальнай ис хоһоонунан төһүү буолуоҕа дии саныыбын. Кинигэ библиотека кыраайы үөрэтэр салаатыгар баар.

Попова Екатерина Васильевна, 
В.Г. Белинскэй аатынан куорат киин библиотеката.

Смотрите также