Статья | Дэгэрэҥ ырыа алыптаах матыыба
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
21.10.2022

Статья | Дэгэрэҥ ырыа алыптаах матыыба

Просмотры: 1711

Алтынньы 18 күнүгэр бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «Сэргэх сэһэргэһии» кулууп кыттыылаахтарыгар «Дэгэрэҥ ырыа алыптаах матыыба» диэн истиҥ иһирэх көрсүһүү буолан ааста.

Тэрээһин ыалдьыта – Сунтаар улууһун биир чаҕылхай талаана, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Дмитрий Семенович Иванов буолла. Кини уостан түспэт ырыалардаах САССР норуодунай артыыһа Христофор Максимов дэгэрэҥ ырыаларын куруутун өрө тутан, таптаан толорор, үйэтитэ сылдьар артыыс. Христофор Трофимович саха театральнай, музыкальнай искусствотыгар сүдү кылаатын хаалларбыта. Кини саха улуу поэттара Петр Тобуруокап, Күннүк Уурастыырап хомоҕой хоһоонноругар элбэх ырыа суруйбута, барыта 400-н тахса ырыаны көмүс дорҕоон гынан көтүппүтэ.

Көрсүһүүгэ мустубут дьон сөбүлүүр ырыаларын истэн, эдэр саастарын санаан-ахтан ыллылар. Ол курдук норуот тапталын ылбыт «Хаппытыан», «Татыйаас», «Үчүгэйиэн алааспар» онтон да атын ырыалар бэрт истиҥник, эрчимнээхтик ылланнылар. Маны таһынан Дмитрий Семенович хас биирдии ырыа айыллыбыт историятын билиһиннэрдэ, ааптар айар олоҕуттан быһа тардан кэпсээтэ.

Бу күн Христофор Максимов дьүрүһүйэр баянын тыаһа, кимиэхэ да майгыннаабат дьикти эриэккэс куолаһа харахпытыгар көстөн, иьиллэн кэллэ. Кини ырыалара өссө да уһун кэмҥэ дьон-сэргэ убаастабылын, тапталын ылыахтара турдаҕа.

Виктория Оконешникова, библиотекарь

Смотрите также