Сэтинньи 22 күнүгэр «Кэпсээ» кулууппутугар бэрт сэргэх көрсүһүү буолан ааста. Хомус күнүгэр аналлаах «Дьүрүлгэн хомус» диэн тэрээһиҥҥэ ыалдьыттаата — Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлин уонна киинин үлэһитэ, хомусчут-импровизатор, Лука Николаевич Турнин аатынан стипендиат Айсен Петрович Доллохов.
Кини биэс сүүстэн тахса араас хомустаах баай хомуурун туһунан кэпсээтэ. Ыалдьыппыт саха былыргы мас хомуһун, ону тэҥэ Индонезия, Вьетнам, Башкортостан, Алтай, Кытай, Эстония уонна Норвегия омуктарын хомустарын көрдөрдө, барытын дьүрүһүтэн иһитиннэрдэ. Ону кытары биллиилээх хомусчуттар С. С. Шишигин уонна Ф. С. Гоголева үтүө матыыптарын тыаһатта.
Кэлбит дьон хомус устуоруйатын, кини хайдах оҥоһулларын уонна араастарын билсэн, атын омуктар хомустарын илиилэригэр тутан-хабан, тыаһатан боруобалаатылар. Тэрээһин түмүгэр дьүрүскэн дорҕооҥҥо куустаран илбиһирии ыытылынна: бары харахтарын симэн олорон, дьикти тыаһы истэн уоскуйдулар, дууһалыын сынньаннылар.
Айсен Петрович дьон ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдаата. Көрсүһүү кыттыылаахтара бэйэлэрэ да хомуска оонньуохтарын, оҕолорун, сиэннэрин үөрэтиэхтэрин баҕаралларын үллэһиннилэр. «Сахабыт норуотун кутун-сүрүн иҥэринэ сылдьар, хомус этигэн дорҕоонун уонна оонньуур үгэһин чөл хаалларан, өссө да сайыннара туруоҕуҥ. Маннык эдэр хомусчут оҕолор баалларын тухары саха хомуһа үүнэ-чэчирии туруоҕа», — диэн эрэллээхтик бэлиэтээтилэр.