...Киһи диэн көр оннук уустук,
Таайыллан биэрбэтэх таабырын...
Сэрии буолбатын,
Хаан тохтубатын
Сирэм күөх сиргэ!
Өрүү чэлгийэ,
Үүнэ-чэчирии
Турдун күн сирэ!
Суох буоллун сэрии,
Суох буоллун өлүү!
Туругур, Эйэ!
Эйэ! Эйэ!
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, редактор, поэт, тылбаасчыт Степан Иванович Тимофеев Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Моорук нэһилиэгэр 1921 с. тохсунньу 7 күнүгэр төрөөбүтэ.
Бүтэйдээх аҕыс кылаастаах оскуолатын, Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. 1940 с. Саха сириттэн отут икки оҕону сүүмэрдээн Ленинград куракка А.Н. Островскай аатынан театральнай институтка үөрэххэ ыыппыттара. Үөрэ-көтө үөрэнэ сырыттаҕына күһүн Степан Тимофеевы Кыһыл Армия сулууспатыгар Карелияҕа ыҥырбыттара.
Бэс ыйын 22 күнүгэр 1941 с. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаламмыта. Кинини кытта бииргэ үөрэммит студент уолаттара дойдуларын көмүскүү сэриилэһэр фроҥҥа барбыттара. “Үчүгэй да уолаттар бааллара. Холобур, сэрии кэмигэр хас да уордьаннаах, аатырбыт офицер – Исай Попов. Биһиги, оччолорго бииргэ үөрэнэ сылдьан, кинини оннук сэрииһит буолуо диэн сэрэйбэт этибит. Ол эрээри Исай туттара-хаптара эрчимнээҕэ, көрөрө-истэрэ кытаанаҕа”,- диэн Степан Иванович ахтара1.
Уоттаах сэрии ыарахан сыллара өлүүнү-сүтүүнү өлүктэнэн, аас-туор олоҕу амсаттаран, бар дьону хаанынан ытатан, сыналыйан, сындалыйан ааспыттара. Ленинград 23 армията блокаданы тулуйан, кэлин тоҕо көтөн, өстөөҕү бэйэтин киэр элитэн, өлө сыһа-сыһа тиллэн, кэмниэ-кэнэҕэс сүҥкэн кыайыыны ситиспитэ. Кэлбитэ Кыайыы өрөгөйдөөх күнэ! Бу сыллар тухары Степан Тимофеев Ленинград оборонатын көмүскээбитэ.
Сэрии бүтэн ол өрөгөйдөөх үөрүүнү кытта дойдуларыгар кэлбиттэрэ сэрииттэн ордубут саллааттар. Старшай лейтенант, отделение командира, связист-телефонист Тимофеев С.И. 1946 с. дойдутугар эргиллибитэ.
Аҕыйах хоноот Дьокуускай куоракка киирэн Саха сирин кинигэ издательствотыгар корректорынан, кэлин редакторынан эҥкилэ суох, үтүө суобастаахтык 43 сыл үлэлээбитэ.
Биир дойдулааҕа поэт, прозаик Иннокентий Сосин Степан Тимофеев туһунан суруйбута: “Сэрии инниттэн саҕалаабыт таптыыр идэтин, ырыа-хоһоон суруйуутунан дьарыгырбыта. Кини хоһоонноро бэрт сэмэйдик ааҕааччы хараҕар сыыйа биллэн барбыттара, ырыа буолан тарҕаммыттара. Хампасыытар Грант Григорян, Захар Винокуров, мелодистар Христофор Максимов, Серафим Павлов, Георгий Никифоров, Федор Лобанов кини суруйбут хоһоонноругар мелодиялары хамаҕатык суруйаллара. “Эйэ, дьол иһин”, “Көтөллөр ол көмүс дорҕооннор”, “Сурук”, “Мин ийэм”, “Булчут ырыата”, “Доҕордоһуу ырыата” уо.д.а. хоһоонноро маассабай ырыа буолан, Саха сирин үрдүнэн киһи барыта ыллыыр ырыалара буолбуттара. Кини бэрт истиҥ иэйиилээх, киһи дууһатыгар бэрт иһирэхтик киирэр ис уйулҕалаах лирик поэт буоларын таһынан, бэрт чэпчэки, иһирэх тыыннаах, кими баҕарар мүчүҥнэтэр бэртээхэй хоһоонньут”2.
Поэт хоһоонноро, ырыалара 20-чэ кинигэ буолан ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр тахсыбыттара: “Күөх ыллык” (1955 с.), “Сааскы тыал” (1958 с.), “Сандаарар саҕахтар” (1960 с.), “Уйгулаах унаарга” (1963 с.), “Суох буоллун сэрии” (1970 с.), “Мүчүк” (1989 с.), “Эриэн-бараан эйгэтигэр” (1985 с.), “Дьоҕойон дьоҕустук” (1991 с.), “Өксөкүлээх күннэр” (1995 с.), “Олох уһун суолугар” (1981 с.); оҕолорго анаан: “Оҕолор” (1965 с.), “Сулусчаан” (1965 с.), “Оонньуурдар” (1969 с.), “Доҕордуулар” (1976 с.) уо.д.а.
Д. Мамин-Сибиряк “Кэпсээннэрин” (1948 с.), Е. Ильина “Төрдүс үрдэлин” (1954 с.), П. Журба “Александр Матросовын” (1956 с.), А. Гайдар “Р.В.С.”, уонна К. Симонов “Тыыннаахтар уонна өлбүттэр” трилогиятын тылбааһын бэрт сыралаахтык үлэлээн сахалыы саҥардыбыта.
Бииргэ алтыспыт дьоно Степан Ивановиһы сайаҕас, киэн билиилээх, олус сэмэй киһи диэн сыаналыыллара. “Чыычаахтар хайҕалга наадыйбаттар, ол эрэн бэрт баҕайытык ыллыы сылдьаллар. Биһиги Степаммыт эмиэ оннук”, - диэн Константин Туйаарыскай олус бэргэн баҕайытык этэн кэбиспитэ.
Поэт бэйэтин туһунан:
Ордук хайҕана охсуох
Оннук талаан миэхэ суох.
Олус мөлтөх сүбэһиппин.
Ол эрэн үчүгэйдээх эбиппин –
Оҕус курдук үлэһиппин3.
Степан Иванович үүнэр көлүөнэни кытта көрсүһүүлэргэ баҕа санаатын этэрэ: “Оҕолоор, улахан эрэйинэн, муҥунан-сорунан харыстаан хаалларбыт бу дьоллоох олохпутун таптааҥ, Ийэ дойдугут киэн туттар дьоно буола улаатыҥ!”
Тимофеев Степан Иванович наҕараадалара: Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орден, “Ленинград оборонатын иһин”, “Германияны ылыы иһин” мэтээллэр. Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР Верховнай Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамотата, “АЛРОСА” АХ үбүлүүр Россия бөдөҥ литературнай премиятын лауреата (2005 с.). Мэҥэ Хаҥалас бочуоттаах олохтооҕо.
Тимофеев Степан Иванович туһунан ааҕан билиэххэ:
--------------------
1Тимофеев, С. Ленин куоратын көмүскэлигэр / Степан Тимофеев // Моорук нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордо А. М. Апросимов, Н. М. Ермолаев, И. М. Сосин]. – Дьокуускай : Сайдам, 2010. – С. 215.
2Сосин, И. Чыычаахтар хайҕалга наадыйбаттар / Иннокентий Сосин // Моорук нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордо А. М. Апросимов, Н. М. Ермолаев, И. М. Сосин]. – Дьокуускай : Сайдам, 2010. – С. 368-372.
3Тимофеев, С. Дьоҕойон дьоҕустук : Хоһооннор / Степан Тимофеев. – Саха сиринээҕи кинигэ изд-вата, 1991. – С. 3.
Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.