Егор Афанасьевич Борисов 2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи 30 күнүгэр бэлиэтэнэр диэн биллэриллибит. Онтон ыла хас сыл ахсын Өрөспүүбүлүкэҕэ Хомус күнүн бэлиэтиибит. Бу күҥҥэ 1990 сыллаахха Аан дойдутааҕы хомус түмэлин дьиэтэ арыллыбыт эбит. Бүгүҥҥү «Өбүгэ үгэһэ» диэн рубрикабытын Хомус күнүгэр аныыбыт.
Бу биэриибитигэр Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин дьиэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Экскурсовод Елизавета Мигалкина тас дойдулар хомустарын ону таһынан ураты, сэдэх хомустар баалларын туһунан сиҺилии кэпсээтэ уонна көрдөрдө.
Ытыспыт ымыыта буолбут, хохуоралаах тыллаах, лыҥкынас тыастаах Хомус күнүнэн хомусчуттары, хомус уустарын уонна Аан дойдутааҕы хомус түмэлин дьиэтин үлэһиттэрин үбүлүөйдээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит!