Аптаах тыйаатырга кэрэ түгэн
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
29.11.2023

Аптаах тыйаатырга кэрэ түгэн[6+]

Просмотры: 861

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Tурук» этно-тыйаатыр оҕолоро бастакыларын П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үктэннилэр. Тыйаатыр аптаах эйгэтин иһиттэн көрөн сөхтүлэр, махтайдылар. Биллэр-көстөр артыыстары дьиҥнээхтии тыйаатырга хаама сылдьалларын көрөн соһуйдулар, хаартыскаҕа түстүлэр. СӨ культуратын туйгуна, тыйаатыр артыыската Татьяна Легантьева тыйаатыр туох баар кистэлэҥ сирдэрин арыйда уонна көрдөрдө. Экскурсия кэннэ оҕолор санааларын сурукка тистибит:

Сайаар Жирков: «Мин тыйаатырга эксурсияҕа сылдьыбыппыттан олус үөрдүм. Артыыстары көрүстүм, олус элбэх интэриэһинэй дьон үлэлиирин, музей баарын биллим.»

Катрина Слепцова: «Ааспыт нэдиэлэҕэ учууталбытын Саргылаана Константиновнаны кытта Саха тыйаатырыгар экскурсияҕа сылдьыбыппыт. Экскурсияны саха тыйаатырын биллэр артыыската Татьяна Легантьева ыыппыта. Реквезиттэри, көстүүм арааһын, декорацияны хайдах оҥороллорун, артыыстар гримеркаларын, барытын ис өттүттэн көрөр-истэр олус интэриэһинэй. Ону таһынан, элбэх сөбүлүүр артыыстарбытын көрүстүбүт: Айталина Лавернованы, Петр Баснаевы, Елена Румянцованы уо.д.а. Сыанаҕа «Тулаайах оҕо» испиктээкил бэлэмнэниититтэн быһа тардыыны көрбүппүт. Саха тыйаатырын олус таптыыбыт уонна ытыктыыбыт.»

Альмира Абрамова: «Не могу описать свои эмоции от первого посещения Саха театра! Впервые я почувствовала себя свободно, поняла, что могу себя вести открыто, не так, как обычно. Я увидела «дом» моих любимых актеров. Нам провела экскурсию прекрасная актриса Татьяна Легантьева, я была очарована ее громким голосом и тем, как красиво она говорит. Мы сфотографировались с Василием Белолюбским, не могу описать как я была рада увидеть любимого актера. Я буквально побывала в гостях у моих любимых актеров. Такой шанс выпадает раз в жизни.»

Сандаара Кобякова: «В начале нас встретила Татьяна Легантьева, она очень добрая, веселая и открытая. Она рассказала нам, что театр начинается с вешалки, а заканчивается кулисами. Мы увидели большую сцену Саха театра и конечно же самих актеров. Мне очень понравилась экскурсия, я подумала, что нужно предложить одноклассникам сходить на какой-нибудь спектакль.»

Статью подготовили: Горохова С.К., ведущий библиотекарь

Смотрите также