Тохсунньу – Таҥха ыйа. Былыр-былыргыттан тохсунньуга биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллиллэрэ.
Таҥхалааһыны билигин дьон-сэргэ икки өрүттээхтик ылынар: сорох көннөрү оонньуу-көр курдук, сорох билгэҕэ, таайыыга олус итэҕэйэн. Хайа да киһи олоҕо үчүгэй эрэ буолуон баҕарар, инникиттэн кэрэни эрэ күүтэр буоллаҕа. Үчүгэйи эрэ билэн-истэн, ол билбититтэн-истибититтэн эрэллэнэн, инникитин олох олорорго күүс-күдэх ылаары билгэлэнэллэрэ.
Аныгы таҥха көрүҥнэрэ
Буосканан сэрэбиэй
Чүмэчи буоскатын бытарытан баран, улахан ньуоскаҕа ууран, атын умайа турар чүмэчи үрдүгэр тутан ууллараллар. Онтон тымныы уулаах иһиккэ куталлар. Ол кэннэ тоҥмут буоска быһыытынан билгэлэнэллэр. Холобур, массыына, сөмөлүөт курдук быһыылаах буоллаҕына - ыраах айаҥҥа.
Иннэнэн сэрэбиэй
Икки иннэни сыанан сотон баран, тымныы уулаах бүлүүһэҕэ угаллар. Иннэлэр бэйэ-бэйэлэрин таарыйыстахтарына, таптыыр киһигин кытта сыһыаҥҥыт тупсуо диэн сабаҕалыыллар.
Кинигэ ааҕыыта
Бу сэрэбиэйгэ хас да киһи кыттыан сөп. Халыҥ, сахалыы тылынан суруллубут кинигэни ылаллар, чүмэчи уматаллар. Сэрэбиэйдээччи иһигэр тугу билиэн баҕарарын таайар. Хараҕын симэн баран түбэһиэх сирэйи арыйан, түбэһиэх этиини эмискэ ыйаат, төлкөтүн ааҕар.
Кумааҕы күлүгүнэн сэрэбиэй
Халыҥ кумааҕыны, «быйыл миигин туох күүтэрий?» дии-дии, кумалыы тутан баран, бүлүүһэ үрдүгэр уматаллар. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ, чүмэчи уотугар туһаайан бүлүүһэни араастаан эргитэ сылдьан, күлүгүн эркиҥҥэ көрөн, инникини сылыктыыллар.
Биһиги библиотекабытыгар баар кинигэлэри уларсан ааҕыаххытын сөп:
1. Таайтарыылаах таҥха. - Дьокуускай : Бичик, 2011. - 155 с.
Тохсунньу ыйга өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымпыктаан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко. таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс. Бу кинигэҕэ араас кэмҥэ бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллар, дьон-сэргэ кэпсээнэ түмүллэн киирдилэр.
2. Таҥха : айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ. - Дьокуускай : Бичик, 2001. – 63 с.
"Олох сиэрэ" серия бу кинигэтигэр саха үгэстэрэ сылынан, ыйынан, күнүнэн наарданан киирдилэр.
3. Күн Куйаарыма Арый. Билгэлэн. Арчылан / Күн Куйаарыма. - Дьокуускай : Бичик, 2009. - 191 с.
Олох суолугар муммут-тэммит, бэйэтин аналын булбатах, араас санааҕа-онооҕо баттаппыт, эбэтэр дьиэтигэр-уотугар, үлэтигэр-хамнаһыгар кыһалҕаламмыт уустук быһаарыыны ылыныахтаах киһиэхэ айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах, бар дьоҥҥо көмөлөһөр баҕалаах Күн Куйаарыма билгэлээһинэ, сүбэтэ-амата инникигэ эрэли үөскэтиэ, таба суолу буларга көмөлөһүө.
4. Якутскай, Николай Төлкө : роман / Николай Якутскай. - Дьокуускай : Бичик, 2005. – 846 с.
Николай Якутскай бу норуокка киэҥник биһирэммит айымньытыгар сахалар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи олохторо, Бодойбоҕо рабочайдары ытыалааһын, Саха сиригэр гражданскай сэрии саҕанааҕы тыҥааһыннаах быһыы-майгы сырдатыллар.