Сүргэни көтөҕөр, сүрэҕи долгутар,
Сүүнэ тыл сүмэтин булларбыан!
Марфа Куличкина
...Ыллыыр ырыам, нарын иэйиим, бар дьон кутун туттаргын...
Поэтесса Марфа Куличкина
Саха дьахталларыттан биир бастакынан айар үлэ умсулҕаннаах дьарыгар ылларбыт поэтесса Марфа Куличкина 1929 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Доллу нэьилиэгэр Төбүрүөн диэн алааска төрөөбутэ. Кини оҕо сааһа сэрии, кураан, сут, тулаайахсыйыы, өлүү-сүтүү ыар сыллырыгар эрэйи-кыһалҕаны билэн уйан сүрэхтээх, чараас дууһалаах лирик-поэт буолара эдэр сааһыттан биллибитэ.
Тыыннааҕар кини суруйбут хоһоонноругар мелодистар мелодия айан үгүс хоһооннорун ырыа гынан көтүппүттэрэ. Ол курдук В. Ноев “Күөрэгэй”, Н. Сорокин “Үрүҥ түүн”, “Үрүҥ күн”, А. Варламова “Хомпоруун хотойдор”, А. Алексеев “Киэн тутта ыллыыбыт”, В. Васильев “Өлбүттэр сүрэххэ тыыннаахтар”, Е. Белолюбскай “Күн эйэ туһугар”, Г. Шахурдина “Алгыс ырыата”, “Таптыыбын эйиигин”, А. Дмитриев-Чүмэчи “Сибэкки биэрээри”уонна да атыттар.
Дьиҥэр, икки сүүсчэ хоһоон, ол иһигэр норуот таптаан ыллыыр биэс уонча ырыа ааптара Марфа Петровна Куличкина айар үлэтэ үөрэтиллэн дьоһун сыанабылы ситэ ылбакка сылдьар.
Өлбүтүн эрэ кэннэ 1991 сыллаахха “Үрүҥ түүл” диэн Илья Скрябин хомуйан таһаарбыт кинигэтиттэн Куличкина М.П. хоьоонноро ааҕааччыга киэҥник биллэн барбыта.
Куличкина, М. Үрүҥ түүл: Хоһооннор / Марфа Куличкина; [хомуйан оҥордо И. И. Скрябин]. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1991. – 144 с.
“Үрүҥ түүл” хомуурунньукка автор айар үлэтин тиэмэлэринэн наардаабыт. Маҥнайгы түһүмэххэ - төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕа кэрэтинэн дуоһуйуу, олоххо махтал, таптал, эйэ-дьол ырыалара, патриотизм; иккис түһүмэххэ – орто дойду киһитин анала үрдүккэ, кэрэҕэ талаһыы буолуохтааҕа; үһүс түһүмэх хоһоонноро үгүстэрэ дойдутугар, кини үлэһит дьонугар ананар. Киһи олоҕун устатыгар чиэһинэй суобастаах, сэмэй майгыннаах, ыраас дууһалаах, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарыахтаах диэн ис хоьоонноохтор. Маны таһынан күннэтэ көрсөр олох араас очурдарын саралаан көрдөрөр сатирическай фельетоннара, хоһоонноро, поэт норуотун күннээҕи олоҕун билэрин уонна ол итэҕэстэр хайа сатанарынан түргэнник көннөрүллэр сүдү баҕатын көрдөрөр айымньылара олоххо суолталарын хаһан да сүтэриэхтэрэ суоҕа.
Оҕо барыта Марфа Петровна “Ийэлэр” хоһоонун ааҕара буоллар, баҕар, кырдьык даҕаны:
Хомойон, хоргутан, кэлэйэн, кэмсинэн
Хаһан да ытаабат буоллуннар Ийэлэр,
Олохтон үөрүүнү, оҕоттон мичээри
Күн ахсын, чаас аайы көрдүннэр Ийэлэр! –
диэн тыллар олоххо толору туолуо этилэрэ буолуо.
Ылан көрүөҕүн М.П. Куличкина сэрии сылларын олус ылыннарыылаахтык, итэҕэллээхтик хоһуйар хоһооннорун. Холобур, сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Поповка анаабыт хоһооно:
Көмүстээх, алмаастаах хоту кыраайтан,
Саһыллаах, саарбалаах Сахабыт сириттэн,
Төрөөбүт-үөскээбит Баатараҥ сириттэн,
Барбытыҥ өстөөхтөн дойдугун көмүскүү.
Бүтэһик түһүмэх хоһоонноро олох туһунан санаалара олоҕу ис дьиҥин арыйарга дьулуһаллар, философскайдык анааран көрөн эдэр ыччаты табатык олоҕу олорорго ыҥыраллар:
Оччоҕо оҕотук саастаахпар
Олоххо тардыспат буоларым,
Өрүүтүн бу курдук эдэр саас
Эрчимэр уйдарыам дэнэрим.
2006 сыллаахха Иван Тарабукин “Сүүнэ тыл сүмэтин булларбын” диэн кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу хомуурунньыкка М.П. Куличкина бэчээттэнэ илин хоһоонноро киирбиттэрэ. Үтүө киһини үйэтитэр үһүс кинигэ 2015 сыллаахха тахсыбыта.
Күөрэй дуу, күөрэгэйим /[ хомуйан оҥордо Л. С. Аргунова ; аан тыл Р. И. Федоров, А. Н. Павлов-Дабыл]. – Дьокуускай : Сайдам, 2015. – 304 с. – Библиогр.: с. 157-163 (61 аат).
Бу үлэ икки кинигэттэн турар. Маҥнайгы кинигэҕэ саха бастакы поэтессаларыттан биирдэстэрэ Марфа Куличкина айар үлэтигэр саҥалыы көрүүлэр, сыанабыллар, чугас дьонун ахтыылара уонна бэчээттэнэ илик айымньылара, бэлиэтээһиннэрэ; иккис кинигэҕэ поэтесса хоһоонноро ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананан бэчээттэннилэр. Кинигэ Саха сиринээҕи Духуобунас Академиятын иһинэн үлэлиир Ыал култууратын киинэ иилээн-саҕалаан, ону тэҥэ бу үлэҕэ кыттыспыт дьон бары көмөлөөн оҥорбут үлэлэринэн буолар. Ааҕааччы, баҕар, этиэн сөп: “Ыал туһунан атын да поэттарынан этиттэриэххэ сөп этэ”, - диэн. Онуоха быһаччы эппиэттэринэн буоллулар ааптардар бэйэлэрин санаалара. Үгустэр кини тапталы (олох туллар тутааҕын) иэйэн-куойан туойбутун эттилэр, кинини таптал ырыаһытынан ааттыыллыр, кини тыла сүүнэтин бэлиэтииллэр, айар талаана эриэккэһин ырыталлар, олох туһунан көрүүлэрэ көтүмэҕэ суоҕун кичэйэн билиһиннэрдилэр. Оттон бүгүҥҥү күннээх олохпутугар, ордук ыал олоҕор тапталга, киһиэхэ, ыйдаҥаҕа, хатыҥҥа, күөх халлааҥҥа... барытыгар (Дабыл) көтүмэх сыһыаммытын билиннэхпитинэ, ырыҥалаатахпытына (осознание) инникибит кэскиллээх буолуохтааҕын, бүгүҥҥү күнү өтө көрбүт курдук, Марфа Куличкина хоһуйбута, үөрэппитэ, сэрэппитэ сэттэ уонча сыл буолбут эбит. Ол туһунан кинигэҕэ киирбит ыстатыйалар ааптардара бэрт элбэҕи эттилэр. Ол иһин бу кинигэ инникитин үлэлии турарыгар, сырдык санааны саҕарыгар эрэллээхпит (Л.С. Аргунова).
Хоһоон суруллара – киһи ис туруга. Өй уонна сүрэх мөккүөрэ. Ол да иһин Марфа Куличкина маннык диэтэҕэ:
Саныырбын сааһылаан суруйан,
Сахалыы хоһоон диэн ааттыыбын.
Сүрэҕим хааныттан хаан ылан
Өлбөккө өр тыыннаах сырыттын.
Поэтесса С.В. Гольдерова эппитинии: ”Бириэмэ тургутуутун ааспыт курус да, сырдык да ырыалара хомуһуннаах тыл хобо чуорааннарын куруутун да лыҥкыната туойдуннар! Таптыыр сүрэхтэргэ сүүрүгүрэн киирдиннэр, иэйэр куттаахтарга иһиллэн кэллиннэр!“
Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.