Итэҕэл-сүдү күүс
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
13.01.2022

Итэҕэл-сүдү күүс

Просмотры: 2848

Хас биирдии киһиэхэ олоҕуҥ ханнык эрэ түһүмэҕэр духуобунай сыаннастары өрө тутар, куйаары кытары ситимин сыаналыыр, итэҕэли интэриэһиргиир, ылынар кэмэ тиийэн кэлэр. Киһи-аймах ийэ кутугар илдьэ сылдьар итэҕэлэ муҥура биллибэт.

Бүгүҥҥү кэпсэтиибит ыалдьыта - Александр Артемьев – Кулан хаан, уйулҕаһыт, алгысчыт, саха итэҕэлин иҥэрээччи. 


обугэ сиэрэ.jpg

Өбүгэ сиэрэ-туома


- Александр Сергеевич, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр.
- Мин Байаҕантай Кулан хаан Сэргэй уола диэн өбүгэлэрим төрут сахалыы бэйэлэрэ илдьэ сылдьыбыт ааттарын салҕаан, ону сөргүтэн, сахалыы аат ылыммытым. Бэйэм Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Балыктаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Дьонум сааһыран баран төрөппут оҕолоро буоларым быһыытынан уонна бииргэ төрөөбуттэрим көрүүлэринэн-истиилэринэн улааппыт буолан олоххо ураты сыһыаны оҕо эрдэхпиттэн кинилэр ииппиттэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бэйэм билигин Дьокуускай куоракка олоробун, оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Икки үрдүк үөрэхтээхпин эрээри, Айылҕам бэйэтин ыҥырыытынан дуу, угуйуутунан дуу бу хайысханы тутуһан билигин анаан-минээн онон дьарыктана, улэлии-хамныы сылдьабын.


айыы.jpg

Айыы итэҕэлин туһунан


- Айылҕаттан бэриһиннэрбит сүдү дьоҕуруҥ хаһааҥҥыттан биллэн барбытай? Кулан хаан диэн аатыҥ туох суолталааҕый?
- 2003 сыллаахха аан бастаан Сайыынаҕа сылдьыбыппыт кэргэмминээн, онно сылдьан хайдах эрэ айылҕаҕа туох эрэ баар эбит диэн бастакы өйдөбүл үөскээбитэ. Клавдия Ильинична оччолорго «Эйиэхэ Кулан диэн аат кэллэ, түүлбэр көрдөрдүлэр » диэн, бу ааты биэрбитэ. Аат сахалыы өйдөбүлэ – кэлбит-барбыт, билбит-көрбут, сытыы-хотуу киһи хаачыстыбатын көрдөрөр. Уонна Орто Азияҕа Монголияҕа, Индияҕа кулан диэн сылгы төрдө буолбут кыра кыыл баар. Онон кулан диэн тыл сахаларга сүрдээх улахан суолталаах тыл. Онтон Хаан - бу киһи хаачыстыбата хааныгар баар диэн, ол иһин бэйэм айылҕаттан кэлбит хаачыстыбаларым диэн курдук өйдөбүлгэ итинник аат кэлбитэ.


аар айыы итэгэлэ.jpg

Аар айыы итэҕэлэ


- Саха итэҕэлэ туохха сытарый? Айылҕаны кытта ситиммитин аныгы сайдыылаах кэм дьоно хайдах сүтэрбэккэ, ыһыктыбакка илдьэ сылдьыахтаахпытый?
- Саха итэҕэлин аҕыйах тылынан этэн кэбиһэр уустук, тоҕо диэтэххэ бу өй, аҥардас билии–көрүү эрэ эйгэтэ буолбатах, бу киһи ис туругун эйгэтэ. Нууччалыы эттэххэ чувство эйгэтэ. Холобур, киһи тоҥмутун хайдах даҕаны тылгынан тоҥуу маннык диэн өйдөтөр кыаҕыҥ суох, эбэтэр итиигэ бустаххына эмиэ бу маннык буолар диэн тылгынан быһаарар кыаҕыҥ суох. Ол иһин биьиги итэҕэлбит тыл эйгэтин иьигэр быһаарыыга кыайан киирбэт. Тыл көмөлөһөр, өйдөбүл буолан. Онон сиэттэрэн, саха итэҕэлэ айылҕаны кытта алтыһа сылдьар киһи аһаҕас туруктаах буоллаҕына, оччоҕуна кэлэр диэн, оттон бутэйэн хааллаххына, тоҥ эйгэҕэ бардаххына, айылҕаттан тэйэн бараҕын, ол иһин ити ыйытыыҥ сүрдээх тоҕоостоох. Айылҕаны кытта алтыһан, үлэлээн-хамсаан, сайын итиигэ-куйааска, бырдахха, кыһынын тоҥууга-хатыыга, эккинэн-сииҥҥинэн билэ-көрө сырыттаххына оччоҕуна айылҕаттан тэйбэккин.

 
саха торут.jpg

Саха төрүт итэҕэлэ былыргы сэһэннэргэ


- Киһи ис туругун, эйгэтин хайдах көрүнэ сылдьыахтааҕый? Эн сүбэлэрин.
- Киһи дьинэ саамай улахан сыаннаһа – ис коҥулэ. Киһиэхэ бастатан туран ис күүһэ уонна ис итэҕэлэ баар буолуохтаах. Ис күүс диэн киһи ыарахан кэмнэргэ мөлтөөн-ахсаан хаалбат, маны эмиэ күннээҕи олоххо киһи кыайан көрө сылдьыбат, арай дьэ ыарахан кэмнэр кэллэхтэринэ, онно көстөн кэлэр бу киһи хаачыстыбалара. Итэҕэлиҥ эмиэ оннук күннээҕи олоххор көстүөн сөп. Холобура, киһи бу олоххо дьоҥҥо-сэргэҕэ, тус бэйэтигэр төһө итэҕэйэрий диэн. Сорохтор ону инникигэ итэҕэл курдук өйдууллэр. Мин саныахпар, инникигэ итэҕэллээх буолуу диэн ол аата үчүгэй буолуо диэбит курдук, бэйэни уоскутунуу буолар. Эн билигин буола турар кэмҥэ итэҕэйиэхтээххин: холку туруккун, киэҥ көхсүгүн, эрэнэргин сутэриэ суохтааххын. Бэйэҥ ис-искиттэн күүс арыллан кэлиэхтээх. Ол дьиҥнээх итэҕэл буолар. Киһи бу күннээҕи олоҕор ыарахан да кэмнэргэ, үтүө да күннэргэ ис-иьиттэн итэҕэллээх, эрэллээх буоллаҕына, бу дьон дьиҥ итэҕэллээхтэр диэн ааттыыбын. Сорох дьоҥҥо билии-көрүү этиттэрии быһыытынан кэлэр, ол гынан баран дьиҥ итэҕэллэрэ олох суох буолааччы, кыра даҕаны охсууга, кыһалҕаҕа бэринэн хайдах эрэ мөлтөөн-ахсаан хаалаллар. Дьиҥ итэҕэлиҥ туруккун кытта быһаччы ситимнээх, бөҕө турук, киэҥ көҕүс, дьоҥҥо үтүө сыһыан уонна биллэн турар таптал, махтал.


киьи уонна дьылга.jpg

Киһи уонна дьылҕа


-Кэлэр сылга ханнык санаанан салайтаран олорорбут тоҕоостооҕуй?
-Кэлэр эрэ сылга буолбакка, бу Аан ийэ дойдубут атааннаах-мөһүөннээх, киириилээх-тахсыылаах, үрүҥнээх-харалаах буоларын быһыытынан биһиги бастатан туран бөҕө туруктаах буолуохтаахпыт. Билигин олохпут чэпчээн истэҕин аайы турукпут мөлтөөн иһэр, билиигэ-көрүүгэ, анардас информацияны эккирэтиһиигэ охтон хаалбыт киһи элбээн иһэр. Ону аҥардас өй билиитинэн киһи күүһүрэн, кыаҕыран киирэн барбат, төһө даҕаны олохпут тупсан испитин иһин, ис турукпут эппит-сииммит, куппут-сүрбүт туһунан умнубакка, айылҕабытыттан тэйэн хаалбакка, хайа да кэм үүннэҕинэ ону холкутук туоруур киэн көҕүстээх, холку майгылаах буоларга онно дьаныһыахтаахпыт.

-Түмүккэ алгыстаах санаан.
-Бу орто дойдуга туох барыта эргиир, эргииринэн барар, ону үчүгэйдик өйдуөхтээхпит. Киһи эдэр сылдьан оҥорбута сааһырдаҕына тиийэн кэлэр, сарсыарда оҥорбутун киэһээ тиийэн кэлиэн соп, хаһан эрэ аанньа ахтыбатаҕын оҕолоргунан тахсан кэлиэн соп, ол иһин ону барытын өйдөөн, ылынан, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, бу биирдэ кэлэн ааһар олоххо учугэйдик, туһалаахтык кут-сүр сайдарын туьугар дьаныһан олоруохтаахпыт.
Үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа, бу олоххо ытыы-соҥуу, мөҕуттэ, этиһэ, охсуһа сылдьыбакка, туругу көрунэн, бөҕөргөтөн, айылҕаны кытта алтыһан, олох үтүөтүн кэрэтин билэн киһи оннук сылдьара буоллар диэн мин алгыстаах санаам итинник.

Сиэри-туому, саха төрүт итэҕэлин интэриэһиргиир ааҕааччыларга аналлаах кинигэлэр, биһи библиотекабытыгар бааллар, ааҕын, сэргээн.



Ыстатыйаны бэлэмнээтэ библиотекарь Оконешникова В.А.


Смотрите также