Үтүө күнүнэн, күндү ааҕааччыларбыт!
Бүгүн долгуйан туран эһиги болҕомтоҕутугар Дьокуускай куорат 38-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 5 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ оҥорбут, устубут ойуулуктарын таһаарабыт.
Ойуулук оҥорор үгүс түбүктээх, элбэх сыраны ирдиир эбит, ол эрээри киһини олус умсугутар алыптаах эбит. Оҕолор хара маҥнайгыттан туох баар санааларын ууран туран үлэлээтилэр. «Ый кыыһа» диэн саха остуоруйатын талбыппыт. Пластилины тилиннэрэн, саҥардан, ону барытын тиһэн ойуулук оҥордубут. Бу бастакы холонуубут буолар. Өссө да баҕабыт баһаам, онон инникитин өссө кыһаллан оҥоруохпут диэн эрэннэрэбит. Уонна ойуулукпутун көрөргө ыҥырабыт!