Видео | «Саҥар» - сахалыы тыыннаах подкаст
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Видео | «Саҥар» - сахалыы тыыннаах подкаст
Другое
02.03.2022

Видео | «Саҥар» - сахалыы тыыннаах подкаст

Просмотры: 2518

Нөрүөн-нөргүй!

Сахалыы айхал буолуохтун! Ураанхайдыы уруй буолуохтун!

Күндү ааҕаччыларбыт, саҥа, сахалыы тыыннаах, аҕа саастаах дьоммутугар, эйэҕэс эбээлэрбитигэр, убаастабыллаах эһээлэрбитигэр ананан оноһуллан тахсыбыт подкаспыт* туһунан кэпсииргэ көҥүллээн.

Үксүгүт билэргит буолуо библиотека сүрүн улэһитэ Старкова Татьяна Петровна аҕа саастаах ааҕааччылары кытары ыкса үлэлээбитэ ыраатта. Бу подкаст таһаарааһына «Кэпсээ» кулууп улэтин биир салаата буолар.

Маҥнайгы таһаарыыбыт ыалдьыта - айылҕаттан айдарыылаах Анастасия Габышева – Сыдьаайа @sijaaia буолла. Кэпсэтиибит быыһыгар балачча элбэх ыйытыылары таарыйан аастыбыт: умнуллубат, ардыгар кыһыылаах оҕо саас тугэннэрин, айымньылаах улэ, дьылҕа, дьикти быһыылар, кэрэ анаарга уох-күүс хайа өттүттэн кэлэрин туһунан уонна да атын…

Аҕа саастаах ааҕааччыларбыт олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан иһэллэриттэн олус үөрэбит уонна киэн туттабыт. Кэпсэтиибитин өрүү истэ-кэтии сылдьыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.

                                                                                           

Кириин, истин, сэргээн.


02:05 Олоххо толору тэтими тутуһабын

03:20 «Айыы саас» бөлөх

14:00 Дайаарка оҕотобун

17:30 Үөрэнии уонна үөрэтии

19:00 Үҥкүү, хомус, ырыа, уруһуй

21:55 Идэҕэ кэлии суоллара

25:34 Үөрэххэ киирии

27:20 Үөрэх сыллара

30:27 Клакинова Августина Федоровна

32:00 Киһи бу сиргэ ылаары уонна биэрээри олорор

32:27 Инникини өтө көрөөһүн

40:22 Харчы энергията

41:35 Үҥкүү миэхэ тугу биэрэрий

43:35 Дьикти эмтэнээһин

51:23 Дьылҕа

53:20 Дьахтар энергията

55:41 Энергия көтөҕөөһүнэ

57:42 Дьахтар күн дьүөгэтэ

59:27 Эр киһи энергията


* дьиэ үлэтин быыһынаан, айаҥҥа эбэтэр көннөрү сынньанар кэмҥитигэр истэргэ анаммыт матырыйаал диэххэ сөп

Смотрите также