Статья | Өлбөт үйэлээх таптал
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья | Өлбөт үйэлээх таптал
Статья
17.06.2022

Статья | Өлбөт үйэлээх таптал

Просмотры: 1732


 Сайа... Наталья Михалева. Бу ааты билбэт киһи Саха Сиригэр суох буолуо дии саныыбын. Соторутааҕыта киниэхэ "Норуодунай суруйааччы" бочуоттаах аатын дьон - сэргэ сөптөөхтүк туруорсан бэрдэрдэ. Ол курдук Сайа бэрт элбэх киһи болҕомтотун тардар, кэрэхсэбилин, биһирэбилин ылар суруйааччы буолар. Кини араас темаларга сүрдээх истиҥ, дириҥ иэйиилээх хоһооннору суруйар. Оттон бу кэлиҥҥи кэмҥэ кини өссө талааннаах прозаик, сэһэнньит, кэпсээнньит быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиннэ. Саамай кэнники айымньытын "Уйгур" диэн     кинигэтин ааптар       илиититтэн: «Күндү Тамара   Петровнаҕа бары үтүөнү кытта иэйэр -   куойар   сүрэхтэн. Сайа. 29. 04 .21 сыл» - диэн  суруктаах   ылар чиэскэ   тиксэн турардаахпын.


Сэрии...
Аҕа Дойду сэриитин ыар тыына мин кыракый дэриэбинэм ыалын барытын таарыйбыта. Ордук биһиги дьиэ кэргэммит охсууну ылбыта диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо... Ол курдук харахпар көстөн кэлэргэ дылылар: сэрии кэмигэр эр киһи үлэтин намчы санныгар сүкпут ийэм барахсан, сэрииттэн эчэйэн инбэлиит буолан төннүбүт аҕам, кыргыһыы толоонугар сураҕа суох сүппүт таайдарым. Кинилэр таптал диэн тугун билбэккэ, оҕо - уруу төрөппөккө бу күн сириттэн барбыттара...
Сайа сэһэнин сүрүн дьоруойун Уйгур Уйбаан уонна кини биир баар - суох соҕотох дьиҥнээх тапталын Иэйэ уобарастарыгар сэрии ыар дьылларыгар саха норуотун чэпчэкитэ суох олоҕо - дьаһаҕа, дьылҕата чаҕылхайдык арыллыбыта мөккүөрэ суох.         

 "...Киһи бу Орто дойдуга таптал туһуттан тугу баҕарар гынар, харсыттан тахсар дииллэрин кытта сөпсөһөбүн..."

Сайа

Таптал... Уйгур Уйбаан уонна кини кэргэнэ Өлөөнө - Иэлэ - Иэйэ олус күүстээх иэйиилэрэ - тапталлара киһини эрэ долгутар гына ойууланар. Кинилэр, иккиэн икки аҥы да сырытталлар, үйэ саас тухары күүстээх тапталларын сүрэхтэригэр иитиэхтии сылдьаллар. Иэйэ өлүөн иннинэ тапталлааҕар анаабыт суругун ааҕа олорон уйадыйан, хараастан, хараҕыҥ уута кэлбитин билбэккэ хаалар эбиккин...

Иэйэ, төһө да Уйбаанын таптаатар, аҕыннар, кини "дэһэртиир кэргэнэ" диэн ааты сүгэ сылдьарыттан сылайан, салҕыы олох олороору , күүһүнэн кэриэтэ кэргэн тахсыбыта. Сүрүн дьоруой, Уйгур Иэйэтэ кини хаайыыттан төннөн кэлэрин кэтэспэккэ кэргэн тахсан , оҕоломмутун истэн баран, "тапталбытын таҥнарбыт" диэн саныыр. Бэрт элбэх киһи да инньэ диир буолуохтаах. Холобура, биир дойдулаахтара «төннөн кэлэрин ситэри кэтэспэт эрээри тоҕо да Уйбааны сэрииттэн күрэтэн, кинини дэһэртиир оҥорон, үйэ - саас тухары хара мэҥи иҥэрбитэй» диэн буруйдуур этилэрэ.

Онтон мин тус бэйэм Иэйэни аһынным. Тоҕо диэтэххэ, кини олус күүскэ, иннин - кэннин билбэт гына, өйүн сүтэрэр гына таптаабыт эбит. Онон туох баар күүһүнэн тапталлааҕын тыынын өрүһүйэргэ санаммыт. Дьону - сэргэни, бүтүн норуоту, төрөөбүт дойдутун утары улахан айыыны, буруйу да оҥорорун кэрэйбэккэ. Уонна кини атын киһини кытта дьылҕатын холбообутун омнуолуу санаабатым. Сэрии кэмигэр, кэнниттэн даҕаны ордук дьахтар аймах олоҕо олус ыарахан, уустук этэ. Мин итини бэйэм ийэм кэпсээниттэн чопчу билэбин.
Иэйэ икки уол оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, ийэ буолар дьолу билбитэ. Суох буолбутун кэннэ бу оҕолоро кини олоҕун салҕаан, кини аатын ааттата сылдьаллара куһаҕан үһү дуо!?

Сэьэн туһунан атын билэр дьонум санааларын маннык диэн үллэһиннилэр: "Кинигэни ааҕа олорон олох айымньы иһигэр киирэн хаалар эбиккин".
"Саҥа тахсыбыт сэһэни аахтым. Биир тыынынан… Оннук умсугутуулаах! Сайа поэзиятыгар сүгүрүйэр эбит буоллахпына, аны кини прозатын арыйдым! Махтал талааннаах киһиэхэ!"


Тамара Винокурова, библиотека ааҕааччыта

Смотрите также