Кулун тутар ый 30 күнүгэр В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотекаҕа Дьааҥы улууһуттан төрүттээх бастакы үөрэхтээх, өр сылларга «умнууга» сылдьыбыт, биэс бырааттыы Новгородовтар олохторун, үлэлэрин кэрэһэлиир архыып докумуоннарынан таҥыллан тахсыбыт Лазарь Михайлович Рожин ааптардаах «Дьааҥы үөрэхтээхтэрэ» серия бастакы «Дьааҥы Новгородовтара» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Кинигэ сүрэхтэниитин библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар.
«Дьааҥы Новгородовтара кинигэ «Сайдам» кинигэ издательствотыгар 100 тираһынан тахсыбыт, алта бастан, 124 сирэйтэн турар. Кинигэ Саха сирин историятын кытта быстыспат ситимнээх, араас кэмҥэ олорбут, араас идеологияҕа сулууспалаабыт, төрөөбүт норуоттарын государственнай, политическай, духовнай өттүнэн сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит Василий Иннокентьевич, Виктор Иннокентьевич, Георгий Иннокентьевич, Афанасий Иннокентьевич, Михаил Лаврентьевич, Семен Трофимович Новгородовтар олохторун, дьылҕаларын туһунан кэпсэнэр.
«Киһи аймах олорон кэлбит үйэтин тухары, дьиҥнээх кырдьыгы көрдүү сатаабыта. Ол да иһин бэйэлэрин идеяларын туһугар олохторун сиэртибэлээн тураннар үлэлээбиттэрэ. Серияҕа киирэр дьон бары бэйэлэрин кэмнэрин дьоно этилэр. «Дьааҥы үөрэхтээхтэрэ» серияҕа суруллар үлэлэр, ахтыылар, докумуоннар, суруктар бары кэми хабан көрөдөрүөхтэрэ. Ол эрээри суруйуулар барытын бүтэһиктээхтик этиэхтэрэ диэн этэр эрдэ. Саҥа сыанабыллар, үтүө өйү-санааны өрө тутан истэхпит аайы, көстөн иһиэхтэрэ. Онуоха бу кинигэлэр көмө-тирэх буолуохтара», - диэн автор кинигэ киирии тылыгар этэр.
Новгородовтар тустарынан кинигэ тула кэпсэтиигэ кытыннылар Остуолба сириттэн төрүттээх, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай Бириэмийэтин лауреата, Мальцев аатынан боруонса мэтээл хаһаайына Илья Ильич Колесов киэҥ уонна суолталаах ахтыыны оҥорон туран бэйэтин уонна Остуолба нэһилиэгин аатыттан истиҥ тыллардаах махтал суругу ааптарга, кыраайы үөрэтээччи, историкка Лазарь Рожиҥҥа туттарда. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ эҕэрдэ тылын, махталын тириэртэ «Полюс Холода» Дьааҥы кыраайы үөрэтэр түмэлин директора Наталья Сергеевна Габышева. Кинигэ тэрээһинин биир историческай түгэнинэн, бу кинигэҕэ иккис баһыгар киирбит Виктор Иннокентьевич Новгородов кыра кыыһа Ида Викторовна уонна кинини кытта Виктор Иннокентьевич Лия диэн улахан кыыһын кыыһа, сиэнэ Любовь Васильевна Осипова ыалдьыттаатылар. Любовь Васильевна оҕо сааһыгар тугу истибитин, билэрин, сурукка тиһиллэ илик суолталаах ахтыылардаах иһитиннэриини оҥордо. Ону тэҥэ, Новгородовтар тустарынан кинигэ тула кэпсэтиигэ кытыннылар Светлана Еремеевна Горохова, Раиса Дмитриевна Чирикова Дьааҥы оройуонун культураҕа салалтатын специалиһа, СӨ ГБУ «Государственная противопожарная служба» пресс-секретэрэ Альбина Васильевна Павлова, СӨ «Якутский скот» ГКП тэрилтэ зоотехнига Егор Павлович Горохов, автор быраата Василий Михайлович Рожин уонна ыалдьыттар.
Маннык история хатыламмат кырдьыгын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр аналлаах суруйуулар үйэ кэрэһиттэрэ буолаллар. Архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруллубут Лазарь Михайлович Рожин «Дьааҥы Новгородовтара» диэн кинигэтэ ааҕааччылар, историктар, кыраайы үөрэтээччилэр уонна ыччат сэҥээриилэрин ылыаҕа диэн эрэнэбит. Лазарь Михайловичка, айымньылаахтык, уҕараабат эрчиминэн кэрэ кэскил туһугар сыралаах, үтүө суобастаах үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, биллэр-көстөр үтүө түмүктэри!
Балаһаны бэлэмнээтэ Айталина Прядезникова