Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэн оруолун общественнай-политическай олоххо үрдэтэр сыалтан олунньу 6 күнүгэр 2017 сыллаахха Ил Дархан Егор Борисов №1720 ыйааҕынан “Уол күнэ” биллэриллэн муус устар иккис өрөбүл күнүгэр сыл аайы бэлиэтэнэр.
“Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Прасковья Борисова “Кэскил” хаһыакка “Уол күнүгэр” анаан кэпсэтиититтэн: “Хас биирди төрөппүккэ уол оҕо олус күндү олох бэлэҕэ буолар. Уол оҕону иитии - улахан эппиэтинэс. Уолу хайдах иитэрбититтэн норуот, дойду инникитэ быһаарыллар. Оҕону норуот үгэстэригэр, төрүт култууратыгар, тылыгар-өһүгэр иитии-үөрэтии улахан оруолу ылар. Уолаттарга төрөппүттэрин эрэллэрин, итэҕэллэрин толороллоругар баҕарабын. Биһиги уолаттарбыт үтүө, күүстээх санаалаах, өйдөөх, үлэһит дьон буоллуннар. Бу бырааһынньык түмсүүлээх буолууну, инники кэскилгэ эрэли түстээтин!”.
Эһиэхэ Дьокуускай куорат В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотека “Уол оҕо – норуот эрэлэ” диэн ааттаах тыллары таайыыны бэлэмнээтэ. Хас биирдии ааҕааччыга “Тыл таайыытын” түмүгүнэн сертификат бэриллэр.
Сертификат бэриллэр усулуобуйата: тылы таайыыны сахалыы алпаабытынан толороргут ирдэнэр.