Тыгын кырдьаҕас саҕыттан
Тымыр сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат ньыгыл дьылҕалаах
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан–үөскээн иһиэҕиҥ!
А.И. Софронов-Алампа
Далан «Тыгын Дарханыттан» саҕалаан
Бу күннэргэ саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан суруйбут «Тыгын Дархан» романынан уһуллубут киинэ саха дьонун-сэргэтин дьүүлүгэр тахсан Дьокуускай киинэ театрдарыгар көстө турар.
Саха народнай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» (1993 с.) романа тахсыбытын саха дьоно уруйдуу көрсүбүтэ, роман «дьоһун оскуола, сыаналаах кылаат» буолан сүргэни көтөхпүтэ, саҥа саҕахтарга, айар эйгэҕэ саҥа идеяларга ыҥырбыта.
Тыгын диэн кимий? Тыгын диэн инники олох хайдах буолуохтааҕын өтө көрөн ыһыллан олорор сахалары түмэн судаарыстыба олохтоон испит прогрессивнай киһи.
Тыгын туһунан фольклору, научнай, уус–уран литератураны да ылан көрдөххө сүрдээх мөккүрдээх да, киһи сымыйарҕыах да, сорох үлэлэргэ «кырдьык да буоллаҕа» дии саныыгын. XIX-XX-с үйэлэргэ «советскайбыт» дэнэн кырдьаҕас көлүөнэ кэпсээнин сурукка киллэрбэтэхпитин, Тыгын туһунан аҕыйах научнай, историческай үлэлэн сөп буолан олорбуппутун, Далан бу айымньыта тахсыбытын кэнниттэн Тыгыммытыгар сыһыаммыт уларыйан, элбэх араас өрүттээх үлэ саҕаламмыта.
Элбэхтэн аҕыйах сүҥкэн суолталаах үлэлэри көрүөххэйин.
* Уус-уран айымньы киһиэхэ, ордук үүнэн иһэр ыччакка дьайыыта күүстээҕин норуот өйдөөхтөрө уруккуттан чорботон, бэлиэтээн этэллэрэ. Билигин уус-уран айымньыны кэлэр көлүөнэни иитиигэ биир сүрүн күүс быһыытынан көрүү, ону оҕону иитиигэ туттуу далааһына улаатта.
Далан «Тыгын Дархан» романыгар норуот педагогикатын бары өртүнэн үөрэтэн, торум оҥорон оҕо сайдыытыгар туһанар чинчийэр үлэни Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр Саха республикатын бастакы ыал педагога Аргунова Любовь Семеновна тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыыппыта. Бэрт элбэх киһи романы тула түмсэн ааҕан, чинчийэн күннээҕи олохторугар туттубуттара. Ол күргүөмнээх үлэ түмүгүнэн 2003 с. “Бичик” кинигэ кыһатыгар “В.С. Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» романа оҕо иитиитигэр” диэн кинигэ тахсыбыта. Бу кинигэҕэ чинчийэр үлэ хайысхалара Далан “Тыгын Дархан” романынан педагогическай чаастары, уйулҕа уруоктарын ыытыы, ромаҥҥа норуот педагогикатын көстүүлэрэ, роман тыла-өһө, айылҕа көстүүлэрэ аттарыллан, ыал олоҕор сыһыаннаан ырытыллыбыттара.
В.С. Яковлев-Далан “Тыгын Дархан” романа оҕо иитиитигэр : Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэ орто оскуолата / [хомуйан оҥордо: Л. С. Аргунова]. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 48 с.
Кинигэҕэ саха норуодунай суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» романын оҕону иитиигэ хайдах туһаныахха сөбүн бэйэлэрин үлэлэрин опытыттан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ орто оскуолатын учууталлара үллэстэллэр.
Бэдьимэ орто оскуолата олох култууратын кыһатыттан сайдан, бастаан “Алаһа”, онтон “Дьөһүөл” диэн үөрэҕирии түмсүүтэ буолан үлэлии олорор. Ити сүүрээнтэн тахсан кэлбит ыал култууратын кииннэригэр анаммыт улахан бырайыактара Норуот педагогикатын Саха сиринээҕи ассоциациятын сүрүн бырайыактара буолан бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан граннарын ылан үлэлэрэ аны Россия таһымыгар тахсыбыта.
* 1995 сылтан Дьокуускай куорат ыһыаҕар саха төрүт оонньуулара “Дыгын Оонньуулара” диэн ааттаммыта.
* 2016 сыл Хаҥаластарга Тыгын сылынан биллэриллэн, кини аатын тула сомоҕолоһуу, бииргэ үлэлээһин, үйэтитии сыла буолан ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ общественность, оскуола, ааҕар кииннэр, ордук уолаттар, эр дьон, аҕалар түмсүүлэригэр араас өрүттээх үлэ барбыта.
* 2016 сылтан саҕалаан режиссер Никита Аржаков туруоруутунан республика үгүс улуустарыгар уһуллубут В.С. Яковлев-Далан “Тыгын Дархан” романынан киинэ 2020 сыл сэтинньи 4 күнүттэн көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Бу саха норуотун биир сүдьү бырайыага буолар.
* Тыгын туһунан билиибит өссө да үөрэтиллэрин иһин элбэхтик бииргэ түмсэн үлэ бардаҕына сатанар.
Билэргэ кэрэхсэбиллээх
* Тыгын үйэтин кэмигэр, ол аата саха эрдэхпитинэ, үгүс үһүйээҥҥэ, историческай үлэлэргэ, уус–уран айымньыларга Сахсары (Сайсары) өрүс үрдүгэр (билигин Өлүөнэ өрүс) Киэҥ Күөрээйи Хотун, Күөрэгэйдээх Күөрээйи, Күннээх Күөрээйи ахтыллар, суруллар. Бу сиргэ былыр–былыргыттан дьон таптаан олохсуйбут, үөскээбит кэрэ айылҕалаах, уйгу–быйан сиринэн биллэр. Саха норуодунай поэта Иван Гоголев–Кындыл хоһоонугар хоһуйан турар:
Ытык Күөрээйи, Киэҥ Күөрээйи!
Ыллана илик ырыа буолаҕын,
Модун буолаҥҥын, мохсоҕол кыыллааххын,
Толуу буолаҥҥын, тойон кыыллааххын!
* Билигин Сайсары оройуонугар Геологтар бөһүөлэктэрэ Тыгын саҕанааҕы аата «Бырдахтаах» диэн эбит. Советскай бириэмэҕэ I пятилетка (1928–1932 сс.) былааныгар киирэн 1928 с. бу сиргэ 2 мөлүйүөн кыамталаах бастакы кирпииччэ собуота арыллан 1938-с сылга диэри үлэлээбит.
* Сайсары булгунньаҕа, эбэтэр Тыгын булҕунньаҕын (Тыгынов курган), билиҥҥи Ленин проспегыттан Петровскай уулуссанан быраан диэки баран истэххэ баара. Кыра уонна Улахан булгунньахтартан куорат наадатыгар буор тиэйэллэрэ, кирпииччэ үктүүллэрэ. Кэлин таас дьиэлэри тутаары 1950-с сылларга суох оҥорбуттара.
* Уус–уран айымньыга аан бастаан Анемподист Иванович Софронов–Алампа 1919 с. «Саха ырыата» хоһоонугар Тыгын аатын киллэрэн төрүппүт аатын үйэтиппит үтүөлээх.
* Хоһоон ырыа быһыытынан норуокка киэҥник тарҕаммыта. 1919 с. ахсынньы 31 күнүгэр буолбут «Саха аймах» биэчэригэр саха бастакы композитора Адам Скрябин тэрийбит хуора бу ырыаны толорбута. Ылланан иһэн өр кэмҥэ ырыа үрүҥнэр гимнэринэн ааҕылла сылдьыллыбыта.
* 2000 с. бу хоһооҥҥо Алампа драмаларын чинчийээччи, мелодист В.Н. Протодьяконов өрө күүрүүлээх мелодияны суруйбута норуокка киэҥник биһирэнэн ылланар.
* Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатара нэһилиэгэр Быһыттаах диэн сиргэ 1924 с. сайын улуус ыһыаҕа «Сардама» диэн ааттанан ыһыллыбыта. Ол ыһыахха Саха сиригэр ньууччалар кэлиилэрин туһунан оонньуу көрдөрбүттэр. Дьоно таптаан ааттыылларынан Элла, сахалар улаханын, күүстээҕин иһин Күүстээх Боссоойко, Ылдьаа-Кизитулла (Гитизитулла) Туллавич Рахматуллин (1881-1930) Тыгын оруолун толорбут.
Тыгын Дархан туьунан ааҕыахха:
1. Березкин, И.Г. Эркээни, Туймаада, Эҥсиэли – Өлүөнэ Эбэбит Улуу хочолоро / И.Г. Березкин. – Дьокуускай : Көмүөл, 2014. – С. 25 – 26.
2. Максимов, Николай. Дьыллар уонна дьоннор / Николай Максимов. – Дьокуускай : Бичик, 2014. – С. 120 – 123. С.
3. Гоголев, И.М.-Кындыл. Айымньылар / Иван Гоголев – Кындыл ; [редкол.: Ф.В. Габышева уо.д.а.]. – Дьокуускай : Бичик, 2013. - Т. 5 : Драмалар / [хомуйан оҥордо М. Ушницкая]. - 2015. - С. 64 – 155.
4. Идэлги. Мэҥэ бэртэрэ / Идэлги [хомуйан оҥордо С.А. Попов – Сэмэн Тумат]. – Дьокуускай : Бичик, 2013. – С. 103 – 109.
5. Күүстээх Дэһээккин / [кинигэни хомуйан оҥордо Г.Ф. Кычкина]. – Дьокуускай : Сулус, 2012. – С. 70, 71, 104.
6. Эверстов, А.И. Айыы аймахтара, күн уулуустара : 4-с түһүмэх / А.И. Эверстов. – Дьокуускай : Сайдам, 2011. – 240 с.
7. Ушницкий, В.В. Долина Туймаада – исторический центр народа саха / В.В. Ушницкий // Священные места Якутии : изучение, охрана и использование : материалы респ. науч. – практ. конф., 15 – 16 апр. 2008., г. Якутск /[ редкол. : У.А. Винокурова, В.Ф. Яковлев, В.И. Бочонина] – Якутск : АГИИК, 2009. – С. 83 – 85.
8. Борисов, А.А. Тыгын / А.А. Борисов // Якуты : легендарные и исторические личности / Акад. наук. Респ. Саха (Якутия), Ин – т гуманит. исслед.; [отв. ред. д. и. н. В.Н. Иванов ; сост. к. И. н. Е.П. Антонов ; фот. А.И. Винокуров]. - Якутск : Сахаполиграфиздат, 2005. С. 19 – 26.
9. Андросов, Г.Г. Хаҥалас хайысхата / Гаврил Андросов. – Дьокуускай, 2016. – С. 41 - 45.
10. Материалы по истории Якутии XVII века. Часть 2 / сост. Токарев, С.А. – 1970. – С. 164 - 209.
11. Герасимова, Н. Тыгын Дархан ыра санаата – Саха театрыгар / Н. Герасимова // Кыым. – 2009. – Олунньу 26 к. – С. 3.
Источники:
Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.