Статья | Уруйдан Улуу Олоҥхо!
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
25.11.2022

Статья | Уруйдан Улуу Олоҥхо!

Просмотры: 1515

Сэтинньи 24 күнүгэр Н.Д. Неустроев аатынан “SMART" библиотекаҕа РФ Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан биллэриллибит РФ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылын чэрчитинэн, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Олоҥхо  күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи декада чэрчитинэн, ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр, итиэннэ олоҥхо ис хоһоонун нуучча тылынан киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах, үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа ыытыллынна. 


Нажмите для увеличения


Быйыл дьыктааны П.А. Слепцов - Ойуунуускай аар-саарга аатырбыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардыы ааҕылынна. Барыта 22 киһи кыттыбытыттан, 14 киһи туйгун сыанаҕа, 8 киһи үчүгэй сыанаҕа суруйан үчүгэй көрдөрүү буолла. Сылын ахсын аахсыйа сэҥээрээччилэрэ,  кыттааччылара ахсаан өттүнэн  эбиллэллэриттэн, ордук ыччат өттүттэн кэлэн суруйалларыттан олус үөрэбит. Дьыктааны суруйбут аҕа саастаах кыттааччыларбытыгар, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарыгар,  көхтөөх ааҕаччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит! 


Нажмите для увеличения


Ыстатыйаны бэлэмнээтэ Беленкова М.В., сүрүннүүр  библиотекарь.

Смотрите также