Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала буолар. Олоҥхо тыла саха омук бастыҥ баайа, кэрэ киэргэлэ,үрүйэ уутунуу ыраас, үйэлэри уҥуордаан кэлбит албан айымньы.
Ол курдук Smart-этно устуудьуйа иһинэн «Олоҥхо-Time» бырайыак ахсынньы ыйга маҥнайгы тэрээһинэ Smart-библиотекаҕа «Культура Якутии» айар түмсүүнү кытта олоҥхо киэһээтэ буолан ааста. Гавриил Колесов толоруутугар П.А. Ойуунускай суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону грампластинкаҕа маҥнайгы чааһын истии. Ол кэннэ олоҥхону атах тэпсэн олорон ырытан, ким туох санаалааҕын сэһэргэстибит. Ыҥырыылаах ыалдьыт Гавриил Колесов үөрэнээччитэ Саха өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа туйгуна, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай кэллиэс уһуйааччыта - Варвара Валерьевна Обоюкова "Творческий подвиг в сохранении якутского героического эпоса: Гавриил Колесов и Геннадий Любимов" презентациятын көрдүбүт.
Арктитааҕы култуура уонна искусства институтун иккис кууруһун устудьуона Александр Ефремов толоруутугар Устин Гаврильевич Нохсоороп «Сылгы уола Дыырай Бэргэн» олоҥхону быһа тардан толоруутун, саха норуотун дэгэрэҥ ырыатын-тойугун астына иһиттибит.
Кулун тутар ый 12 күнүгэр Саха АССР, РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан бириэмийэ Лауреата, Бочуот Знага орден кавалера Гавриил Гавриилович Колесов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ Гавриил Колесов оҕолоро, чугас аймахтара кэлэн аҕаларын, убайдарын ахтан санаан аастылар. Олоҥхо тыйаатырын эдэр кэскиллээх артыыскатын Анастасия Алексеева толоруутугар «Кыыс Урсун» олоҥхону иһиттибит. Ону тэҥэ бу тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттарбыт Гавриил Колесов толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Ньургун Боотур» олоҥхону грампластинкаҕа истэ олорон Арт-терапия быһыытынан өйдөрүгэр-санааларыгар туох кэлбитин уруһуйдаан баран уруһуйдарын бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх быһыытанан бэристилэр.
Ыам ыйын 21 күнүгэр оҕолорго аналлаах «Олоҥхо ыллыктарынан айан» диэн остуол оонньуута, маны таһынан «Хатан Эрбийэ Бухатыыр» олоҥхону истии. Оҕолорбут олоҥхо ис тутулун, дьоруойдарын ырыаларын-тойуктарын кытта билистилэр, өбүгэ оонньуутун астына оонньоотулар.
Улуу олоҥхобут үйэлэртэн-үйэлэргэ бэриллэн үүнэ, сайда турарыгар баҕарабыт.