Статья | Олоҥхо – норуот баайа
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
09.12.2022

Статья | Олоҥхо – норуот баайа

Просмотры: 1582

Сэтинньи ый сахаларга Байанай ыйа уонна сахалар Олоҥхобут, Хомуспут күннэрэ буолар ыйа. Олоҥхо күнүгэр анаан ѳрѳспүүбүлүкэ үрдүнэн араас киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Билиҥҥи кэм оҕолоро сахалыы тылларын умнан, саҥарбат буолуулара кистэлэҥ буолбатах. Ол санаанан биһиги сэтинньи ый 23 күнүгэр куйаар нѳҥүѳ “Олоҥхо – норуот баайа” диэн тэрээһини ыыттыбыт. Сунтаар Олоҥхо дойдута буоларын бары билэбит, 2006 сыллаахха бастакы Олоҥхо дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Оҕолорго анаан Элгээйитээҕи Сергей Афанасьевич Зверев - Кыыл Уола аатынан фольклор түмэлин үлэһиттэрэ: Семенова Ксенья Прокопьевна, Саввинова Ньургуйаана Романовна кѳмѳлѳрүнэн, дириҥ ис хоһоонноох куйаар нѳҥүѳ экскурсия оҥордубут. С.А.Зверев – Кыыл Уола норуот ырыаһытын быһыытынан бары ѳттүнэн дэгиттэр талааннааҕа: дорҕоонноох кэрэ чуор кылыһахтаах тойуксут, үтүѳ үҥкүүһүт, олоҥхоһут. Ааҕааччыларбыт түмэл туһунан элбэҕи кѳрдүлэр- иһиттилэр, бэйэлэригэр туһалаах информацияны ыллылар.

Олоҥхо чэрчитинэн, сэтинньи ый 23 күнүттэн 26 күнүгэр диэри ыытыллыбыт акцияҕа кыттыһан, библиотекаҕа сахалыы уонна нууччалыы тылынан ааҕааччыларбытыгар Олоҥхо дьыктаанын суруйтардыбыт. Бастакы группаҕа Марха орто оскуолатын алын сүһүѳх үѳрэнээччилэрэ нууччалыы тылынан олоҥхоттон быһа тардыы тиэкиһин суруйдулар, уопсайа 6 оҕо кыттыыны ылла, кылаас салайааччыта Афанасьева Эмма Васильевна. Оҕолор суруйбуттарын түмүгүнэн, 3 оҕо туйгун сыанаҕа суруйдулар: Ильинов Тимур, Трофимов Сайаан, Саввина Айыына. Бу оҕолор уһулуччу үчүгэйдик суруйаннар, “Олоҥхо дьыктаанын туйгуна” дипломнарын туттулар. Улахан дьонтон 2 эрэ киһи олоҥхо дьыктаанын суруйуон баҕарарын биллэрэн, сахалыы тылынан суруйтардыбыт. Ол түмүгүнэн Борисова Мария Петровна “Олоҥхо дьыктаанын туйгуна” дипломун тутта.

1.jpg

Смотрите также