СПЛ-га «Т.О.К.» оонньуу чаҕылхайдык ааста
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
08.02.2024

СПЛ-га «Т.О.К.» оонньуу чаҕылхайдык ааста[16+]

Просмотры: 939
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан олунньу 8 күнүгэр Т.О.К. (толкуйдаа, оонньоо, кыай!) оонньууга «Саха политехническай лицей» 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ 4 хамаандаҕа арахсан, күрэххэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Бастакы хамаанда «Уһуйаан», иккис хамаанда «Доҕордуулар», үһүс хамаанда «Одун Хаан» уонна төрдүс хамаанда «Общественниктар» диэн бэйэлэрэ талан ааттаммыттара. Бары хамаандалар 5 араас түһүмэҕи аастылар (мэтириэттэр, ырыа, киинэ, таабырыннар, Олоҥхо геройдара).

Бэйэлэрин мындыр өйдөрүнэн, түргэн толкуйдарынан инники түһэн «Доҕордуулар» хамаанда кыайыылаах аатын сүктүлэр.
Түмүккэ кыайыылаах хамаанда Добун суругунан наҕараадаланнылар.

P.S.: бу ссылканаан киирэн, оонньоон көрүөххүтүн сөп.
Статью подготовила: Анастасия Фасхутдинова

Смотрите также