Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан олунньу 8 күнүгэр Т.О.К. (толкуйдаа, оонньоо, кыай!) оонньууга «Саха политехническай лицей» 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ 4 хамаандаҕа арахсан, күрэххэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Бастакы хамаанда «Уһуйаан», иккис хамаанда «Доҕордуулар», үһүс хамаанда «Одун Хаан» уонна төрдүс хамаанда «Общественниктар» диэн бэйэлэрэ талан ааттаммыттара. Бары хамаандалар 5 араас түһүмэҕи аастылар (мэтириэттэр, ырыа, киинэ, таабырыннар, Олоҥхо геройдара).
Бэйэлэрин мындыр өйдөрүнэн, түргэн толкуйдарынан инники түһэн «Доҕордуулар» хамаанда кыайыылаах аатын сүктүлэр.
Түмүккэ кыайыылаах хамаанда Добун суругунан наҕараадаланнылар.
P.S.: бу
ссылканаан киирэн, оонньоон көрүөххүтүн сөп.
Статью подготовила: Анастасия Фасхутдинова