Саха суругунан уус-уран литературатын классик-суруйааччыта, поэт, учёнай- филолог, прозаик, драматург, бөдөҥ общественнай-политическай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай 130 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Ньургуһун» библиотека уонна Сыырдахтааҕы «Алгыс» култуура дьиэтэ “Ойуунускайы ааҕабыт” литературнай биэчэрэ.
Саха народнай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов эппитин курдук: «Хайа баҕарар норуокка кини туох баар үтүөтүн, үчүгэйин, кэрэтин – өркөн өйүн, самныбат санаатын, чаҕылхай талаанын, сырдык ыратын, холобурга суох хорсунун иҥэриммит уһулуччулаах дьон баар буолаллар. Ити уһулуччу дьон уһун дуу, кылгас дуу олохторун усталаах туоратыгар туох баар дьон өйдөрүн, санааларын, кыахтарын-дьоҕурдарын, күүстэрин-күдэхтэрин, төрөөбүт Ийэ дойдуларын туһугар үтүмэн үгүс үлэни үлэлээн, ким даҕаны кыайбатаҕын кыайаннар, ама киһи айбатаҕын айаннар, норуот албан аата, киэҥ туттуута буолаллар. Саха норуотугар биир оннук киһинэн Платон Алексеевич Ойуунускай буолар». Бу тэрээһиммит саха омугун чулуу уолугар, улуу убайбытыгар саха саарыныгар, киһи кэрэмэһигэр Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананна.
Платон Ойуунускай сүрдээх ыарахан, кыһалҕалаах оҕо сааһын, олоҕун, айар үлэтин кылгастык билиһиннэрдэ Наталья Дмитриевна Кузьмина Тулагытааҕы П.И.Кочнев аатынан оскуола алын сүһүөх учуутала. Ойуунускай хайдах ити курдук уһулуччулаах киһи буола үүнэн-сайдан тахсыбытай? Кини ийэтин үүтүн кытта төрөөбүт норуотун тылын, кини тылынан уус-уран айымньытын үтүө тыынын, бары кэрэтин иҥэринэн улааппыта. Ол курдук алын сүһүөх 4 «а» уонна Иванов Давид 9 б кылааһын үөрэнээччилэрэ сахалыы айымньыларын уустаан-ураннаан ааҕан үөртүлэр. Сыырдах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Светлана Пантелеймоновна Шаринова ис-иһиттэн иэйэн туран «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» айымньыны доргуччу ааҕан долгутта. Алын сүһүөх 2 «б» кылаас үөрэнээччитэ Иустинов Ваня «Оҕо куйуурдуу турара» айымньыттан быһа тардан, өйүттэн кэпсээн оҕолору соһутта. Биэчэри арыйдылар «Былааһы сэбиэккэ» ырыанан «Алгыс» дьахталлар ансаамбыллара. Бу биэчэри Былатыан Ойуунускай айар үлэтигэр, олоҕор анаммыт тургутугунан түмүктэннэ.
Платон Алексеевич Ойуунускай революционер да, суруйааччы да быһыытынан, бэйэтин үлэтин, олоҕун бүтүннүү норуокка анаабыта. Кини төрөөбүт норуотун туһугар охсуһан, үлэлээн айан, киэҥ маасса, бар дьон кыһалҕатын кыһалҕаланан, үөрүүтүнэн үөрэн, кинилэр олохторунан олорбута. Улуу убайбыт олоҕун бутэрбит киһи буолбатах, үлэтинэн, айымньыларынан өлүү дириҥ хара кирбиитин аһары атыллаан ааспыт, тыыннаахтары кытта бииргэ олорсор үрдүк чиэскэ тиксибит киһи. Кинини кытта биир кэмнэ олорсо сылдьыбыт көлүөнэ дьонҥо эрэ буолбатах, төрөөбүт сахатын норуотун бүтүннүүтүн сүрэҕэр тыыннаах курдук өйдөнүллэ сылдьар киһи. Ити курдук, Платон Алексеевич аата үйэлэр тухары саха норуотун өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүл буолан хаалыаҕа.
Бу тэрээһиҥҥэ актыыбынай кыттыыны ылбыттарга улахан махталбытын тиэрдэбит.