Сахабыт сирин тымныы кыһынын сылаас таҥастаах атаарарбыт оруннаах. Кыһыҥҥы таҥаспыт сылаас эрэ буолбакка, кыраһыабай буолара эмиэ наада. Бэйэҕитигэр, чугас дьоҥҥутугар сиэдэрэй оһуордаах үтүлүгү бу маастар-кылаас көмөтүнэн тиктиҥ.
Биһиги библиотекабытыгар баар кинигэлэри уларсан көмө оҥостуҥ:
1. Александрова Т.И. Түүлээххэ сууланан. – Дьокуускай : Бичик, 2017.
Ааптар бу кинигэҕэ эргэ саҕынньахтары уларытан араас саҥа таҥастары тикпит уопутуттан үллэстэр, тигиилэрин хаамыытын, ньэмиэттэрин биэрэр уонна бэйэтэ оҥорбут оһуордара киирдилэр.
2. Новгородова-Рехлясова Г.И. Ичигэстих таҥныахха. – 2-с эбиилээх таһаарыы. – Дьокуускай : Бичик, 2018.
Иккис таһаарыыга күндү түүлээхтэн аныгылыы быһыылаах бэргэһэлэри, таба тыһыттан унтуулары таҥастааһыныгар, тигиитигэр дбахтар, эр киһи үтүлүктэрин тигиитин хаамыыта, ньымалара, оһуордааһына, ону тэҥэ мааныга, үлэҕэ кэтэр аҕыс араас үтүлүк бэлэм киэптэрэ, икки оһуор эбии киирдилэр.