Лев Габышев «Дьол төрдө» сэһэнин тула кэпсэтии
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
17.11.2020

Лев Габышев «Дьол төрдө» сэһэнин тула кэпсэтии

Просмотры: 2265

Лев Габышев төрөөбүтэ 100 сылын туолар. «Хахай Хаабыһап» драматург, прозаик, тылбаасчыт, киинэ сынаарыйын суруйааччы быһыытынан киэҥ ааҕааччыга биллэр.

Кинини кытта алтыспыт дьон саныырынан, билиитинэн-көрүүтүнэн Лев Львович оччотооҕу дьонтон лаппа чорбойоро: олоҕу аныгылыы хараҕынан анаарара, икки тылынан иҥнигэһэ суох саҥарара, суруйара, нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы олус үчүгэйдик тылбаастыыра.

Кини саха литэрэтиирэтигэр 1938-40 сс. киирбит. Аан бастакы дьоһуннаах айымньыта «Дьол төрдө» сэһэнэ буолар.

«Дьол төрдө» – автобиографическай сэһэн. Айымньыга эдэр киһи холкуос ыарахан үлэтигэр - хамнаһыгар эриллиитэ, олоххо буһуута-хатыыта ойууланар. Сэһэн сүрүн дьоруойа Степан Айалов – Лев Габышев бэйэтэ. 1930-40 сс. тыа хаһаайыстыбатын өрө тардыы кэмэ үгэннээн турдаҕына, зоотехник, агроном, бэтэринээр үөрэҕэр тыа ыччата күргүөмүнэн киирэр кэмин долгунугар олорсон, оскуолатын бүтэрээт, Лев Габышев тыа хаһаайыстыбатын техникумугар туттарсан киирбит. Агроном идэтин ылан, Саха сирин араас оройуонугар үлэлээбит. Эдэр киһи төһө да күүс үлэҕэ эрилиннэр, айар талаана батарбакка, быыс буллар эрэ тэттик хоһооннору, кэпсээннэри, пьесалары суруйар эбит.

Тутула сааһыламмыта, бэрээдэктэммитэ харахха тута быраҕыллар айымньы сүрүн санаатын туһунан этэр буоллахха, «Киһини үлэ киһи оҥорор, дьоллоох олоххо сирдиир» диэн санааҕа салайар. Ону маннык этиилэр бигэргэтэллэр: Ийэ-хара көлөһүнүм сиргэ сар тохтор диэтэҕиҥ дуу? Ити киһини киһи оҥорбут көмүс күрүлгэн ийэ буорга кутуллар. Кырдьыга даҕаны, киһи үлэлээх, туһалаах дьарыктаах эрэ буоллаҕына, киһилии олоҕу олорор, оттон ол дьарыгын таптыыр буоллаҕына, дьоллооҕунан ааҕынар.

Сэһэн тылын-өһүн тэҥнэбил арааһа, ханалытан этии, уус-уран быһаарыы киэргэтэр. Л. Габышев айылҕаны ойуулуурга туспа истииллээх маастарынан биллэр. Мантан кини мындыр толкуйдааҕа, саха киһитин сиэринэн айылҕаны, оту-маһы, кыылы-сүөлү барытын сыныйан кэтиирэ, харыстыыра, ону хомоҕой тылынан сатаан хоһуйара көстөр.

Талааннаах суруйааччы Лев Габышев бастакы айымньытын тылын-өһүн туһунан Н.А. Ефремова - тыл үөрэҕин хандьыдаата оҥорбут ырытыытыгар олоҕуран бэлэмнэммит матырыйаалга көрүҥ.

Ссылка на пост: Лев Габышев

Смотрите также