Кыраайы үөрэтэр В. Г. Белинскэй аатынан библиотекаҕа Саха өрөспүүбүлүкэтин поэта, прозаига Елена Слепцова – Куорсуннаах, Жатайдааҕы «Василек» оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ Ксения Селиванова, Валентина Заболоцкая, Наталья Корнилова уонна уһуйаан оҕолоро ыалдьыттаатылар. Тэрээһини ыытааччылар - Саргылана Колесова - сүрүннүүр библиотекарь уонна Алевтина Евдокарова - сүрүн библиограф.
Антуан Мари Жан-Батист Роже де Сент Экзюпери – аан дойдуга биллэр суруйааччы, летчик, гражданскай авиация сайыннарыытыгар улахан сыратын иһин «Почетный легион» орден хаһаайына. Кини «Маленький принц» остуоруйата аан дойдуга буола турар улахан дьулаан бириэмэтигэр 1943 сыллаахха күн сирин көрбүтэ уонна дьиҥнээх дьиктини аҕалбыта. Кини сэрии кэмигэр дьон дууһатыгар умнуллубут кэрэни, тапталы тилиннэрбитэ, эрэли бэлэхтээбитэ, хом санаалары чэпчэппитэ. Онтон киһи дьиктиргээбэт, бу остуоруйа ыраах сулустар уоттарын курдук киһи уйулҕатын хамсатар, сүрэххэ сөҥөр.
Айымньы 300-тэн тахса аан дойду уонна Россия норуоттарын тылыгар тылбаастаммыта. 2019 сылтан аатырбыт остуоруйаны биһиги төрөөбүт тылбытынан – сахалыы ааҕыахпытын сөп. Саҥа тылбааска айымньы «Кыра Тыгын» аатынан сүрэхтэммитэ.
«Кыра Тыгын» тылбаасчыта – Елена Слепцова, Куорсуннаах:
- «Маленький принц» айымньы 302 тылынан бэчээттэммит. Бу айымньы сүрдээх интэриэһинэй, сахалыы тылбаастыам диэн хаһан да толкуйдаабатаҕым, улаханнык санаммат да этим, тоҕо диэтэххэ, бу французскай айымньы. Эбиитин, нууччалыы тылбаастаныыта үксүн уустук дииллэр этэ. Онтон хас да тылбааһы ылан көрбүтүм, сокуон быһыытынан, ааптарскай быраабынан бу айымньыны Нора Галь тылбааһынан атын омук тылларыгар тылбаастыахха сөп эбит. Тылбаас мээнэ оҥоһуллубат, наһаа элбэх сокуоннаах уонна бэйэтэ уустуктардаах.
Аан-бастаан, «Чолбон» сурунаалга, улахан айымньы буолан икки нүөмэри быһа тахсыбыта. Онно айымньы үрдүгэр Экзюпери портрета, миэнэ уонна ортобутугар оҕобут курдук - «Кыра Тыгын» оҥорбуттар этэ. «Бэйэ-бэйэҕитигэр наһаа барсаҕыт» - диэн күллэрбиттэрэ. Арай сурунаалга тахсыбытыгар, Санкт-Петербург куораттан Экзюпери наследниктарын ааптарскай бырааптарын көмүскүүр киһи тута эрийбитэ, үлэлэһиэххэ диэн буолбута. Өссө Австрияттан эрийэннэр, «Чолбон» сурунаалы ыыттарбыттара.
Швейцарияҕа олорор Жан-Марк Пробст – Антуан де Сент Экзюпери кинигэлэрин мунньар биллиилээх кэллэксийэниэрэ. Кини кинигэлэри сөбүлээтэҕинэ - бэйэтэ үбүлээн таһааттарар эбит. Миэхэ Экзюпери уруһуйдаабыт уруһуйдарын, оригиналларын, кинигэбэр анаан диэн ыыппыта уонна үбүлээн көмөлөспүтэ.
Тоҕо «Кыра Тыгын» диэн тылбаастаммыт диир буоллаххытына, «Тыгын» - «Тэгин» диэн саха былыргы тылынан «принц» диэн буолар эбит.
Оҕолорго анаан «Кыра Тыгын» айымньыны «LEGO» нөҥүө оонньоон, саҥардан көрдөрдүлэр. Бу барылы хайдах саҕалаабыттарын, олоххо киллэрбиттэрин туһунан уһуйаан иитээччилэрэ кэпсээтилэр:
- Саргылана Лазаревналыын саха тылын оҕолорго сыһыараары бу бырайыагы толкуйдаабыппыт. Билигин ангылычаан, кытайдар тылларын үөрэтии муодата буола турар. Оттон бу биһиги сахабыт сирин олохтоохторо, сахалыы саҥарыахтарын, билиэхтэрин баҕаралларын курдук, уһуйаан оҕолорун илдьэ кэлбиппит. Икки нэдиэлэ иһигэр улахан үлэ ыыттыбыт. Оҕолор төрөппүттэрин кытта оҥоһук оҥорон аҕаллылар.
Бу айымньы улахан киһиэхэ анаммыт буоллаҕына, биһиги оҕолорго судургутук көрдөрдүбүт. Киһи киһиэхэ сыһыанын, эппиэтинэстээх буолуохха наадатын тириэрдэ сатаатыбыт. Хас биирдии дьоруойу «LEGO»-нан оҥорон, туох сыаллаах-соруктаах буолалларын быһааран, «сыаналарын» толкуйдаан тэрээһиммит этэҥҥэ ааста дии саныыбыт.
Библиотека уонна оҕо уһуйаана икки нэдиэлэ устата «Кыра Тыгынынан иэйиилэммиттэр» диэн уһуйаан оҕолоругар макыат күрэҕин ыыппыттар. Киһи көрөн сөҕөр оҥоһуктары уһуйаан оҕолоро оҥорбуттара олус кэрэхсэбиллээх. Түмүк таһааран, кыттыбыт оҕолору наҕараадалаатылар.
Ыалдьыттар алыптаах остуоруйаттан дуоһуйдулар, «Кыра Тыгын» сахалыы тылбаастаммытыттан үөрдүлэр.