Сэтинньи 11 күнүгэр Кыраайы үөрэтэр В. Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар, саха норуотун чулуу уола, Саха советскай литератураны төрүттээччи, судаарыстыбаннай деятель, чинчийээччи, поэт, прозаик, драматург П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрин уонна учууталларын кыттыылаах «Уруйдан, улуу Ойуунускай» диэн айымньыларынан уус-уран ааҕыы күрэҕэ буолан ааста.
Күрэс ирдэбилэ: 5 мүнүүтэ иһинэн биирдиилээн айымньыны доргуччу өйтөн ааҕыы.
Кыттааччылар үс бөлөххө араҕыстылар: I бөлөх: 6 - 8 кылаас, II бөлөх: 9 – 11 кылаас, III бөлөх: бөлөҕүнэн ааҕыы уонна учууталлар.
Дьүүллүүр сүбэ састааба: бэрэссэдээтэл - Филиппова Мария Егоровна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, саха тылын уонна литературатын учуутала, чилиэннэр: Артемьев Дмитрий Егорович - РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, Иванова Туйаара Валентиновна - Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын Емельян Ярославскай аатынан Саха государственнай холбоһуктаах музейын методиһа.
Сүрүн ирдэбиллэринэн айымньыны иэйиилээхтик толоруу, хомоҕойдук уонна чуолкайдык ааҕыы, кыттааччы айымньыга сөптөөх таҥаһа-саба.
Күрэскэ кыттыыны ыллылар Дьокуускай куорат 38, 23, 17 нүөмэрдээх оскуолаларын үөрэнээччилэрэ уонна Дьокуускайдааҕы индустриальнай педагогическай колледж устудьуоннара.
Бүгүҥҥү күрэс кыттыылаахтарыгар барыгытыгар махтанабыт, баҕарабыт үрдүк ситиһиилэри, Ойуунускайы ааҕын, үөрэтин, сырдата туруҥ, бибилэтиэкэ тэрийэр күрэстэригэр өрүү көхтөөхтүк кыттыҥ!
Мария Жиркова