Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
01.10.2024

Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ[16+]

Просмотры: 337

«Билсиҥ: суруйааччы уонна кини айымньыта» бырайыак чэрчитинэн ааҕааччыларбытын саха суруйааччыларын саҥа тахсар кинигэлэрин кытта билсиһиннэрии салҕанар. Ол курдук балаҕан ыйын 28 күнүгэр суруйааччы, драматург, суруналыыс Иван Афанасьевич Андросов-Айанньыт «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» кинигэлэрин 5-с олуга «Уһуйуллуу. Дагдаҕар Боотур» биһирэмэ буолан ааста.

Биһиги кэммит биһирэбиллээх суруйааччыта саҥа айымньыта хайдах айыллыбытын, туохтан, кимтэн төрүөттэнэн суруллубутун, тоҕо «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» диэн ааттаабытын, кинигэ тахсыытыгар ким кыттыбытын туһунан көрсүһүүгэ бары мустубуттар болҕомтолорун тардан туран сиһилии сэһэргээтэ. Сахалыы кинигэни сэргиир, саха тылынан, омукпут историятынан умсугуйар ааҕааччыларга бу кинигэ уонна ааптары кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтии сүҥкэн бэлэх буолла. Эдэр уолаттар бу айымньыга ананан оҥоһуллубут кыбытыыларга киллэриллибит кинигэттэн быһа тардыылары аахтылар,хайдах өйдөөбүттэрин кэпсээтилэр. Түмүккэ ааҕааччылар ааптар илии баттааһыннаах кинигэлэрин ылан, бибилэтиэкэҕэ саҥа киирбит айымньылары уларсан астынан тарҕастылар.

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Екатерина Васильевна

Смотрите также