В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар анаммыт «Золотой фонд. Учителя Якутии» диэн бырайыак чэрчитинэн РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СР үөрэхтээһин систематын бочуоттаах үлэһитэ, СР бочуоттаах бэтэрээнэ, Абый улууһун уонна Муҥурдаах, Ураһалаах нэһилиэктэрин ытык кырдьаһаҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, салайааччы, учуутал Мария Степановна Прокопьева «Дьоҥҥо дьолу баҕаран…» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Мария Степановна үөрэтии-иитии эйгэтигэр уһуннук үлэлээбит, холобур буолар олоҕун туһунан, алтыспыт доҕотторун, үөлээннээхтэрин, дьонун-сэргэтин туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыларын уонна бэлиэтээһиннэрин ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаарда.
Ханнык баҕарар кинигэ тахсыыта элбэх толкуйтан, үлэттэн турар. Ол курдук бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр улахан сыратын, өйүн-санаатын уурбут, сүрүн улэтин оҥорбут, көҕүлээччи Мария Юрьевна Новикова буолар. Мария Степановна сиэн кыыһа тапталлаах эбэтигэр 80 сааһын көрсөр үбүлүөйдээх сылыгар анаан бэлэх ууммуттарын туһунан кэпсээтэ.
Аймах-билэ дьоно эдьиийдэрин туһунан санааларын уонна эҕэрдэ тыллары эттилэр: Оксана Ильинична Баишева-Слепцова – Табаҕа орто оскуолатын мецената, РФ профүөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, Людмила Алексеевна Луковцева – РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэхтээһин систематын бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Варвара Васильевна Новикова – үлэ бэтэрээнэ, балта, Светлана Михайловна Захарова – үлэ бэтэрээнэ, балта.
Кинигэ биһирэмигэр бииргэ үөрэммит, үөрэппит, үлэлээбит, алтыспыт коллегалара үөрүүлэрин үллэстиннилэр: Варвара Иннокентьевна Дмитриева – Дьокуускай куораттааҕы Киин уокуруг бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Александра Николаевна Алексеева – уокурук актыбыыһа, сэбиэскэй эргиэн бэтэрээнэ уо.д.а.
Мария Степановна тапталлаах ийэ, холобур буолар эбээ, барытыгар дьоҕурдаах, чиҥ билиини биэрэр талааннаах нуучча тылын учуутала, үлэтигэр бэриниилээх суруналыыс, туспа көрүүлээх фотограф, бэргэн булчут, баай тыллаах саха мааны ытыктабыллаах Далбар Хотуна буоларын туоһулаатылар.
Түгэнинэн туһанан Мария Степановнаны бибилэтиэкэ аатыттан үбүлүөйдээх сылгынан истиҥник эҕэрдэлиибит. Баай ис хоһоонноох олоҕуҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһугар сыралаах үлэҥ-хамнаһыҥ ситиһиилээх буоллун, баҕа санааларыҥ туоллуннар! Чэгиэн-чэбдик сырыт, үүнэр ыччакка үүннээх-тэһииннээх үтүө тылгын иһитиннэрэ, сүбэ-ама, көмө-ньыма буола тур диэн алгыспытын аныыбыт!
Матырыйаалы бэлэмнээтэ Саргылана Колесова, сүрүн бибилэтиэкэр