Билсиҥ: Надежда Егорова-Намылы уонна кини кинигэтэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
30.10.2023

Билсиҥ: Надежда Егорова-Намылы уонна кини кинигэтэ[16+]

Просмотры: 868

Дьокуускайдаагы Кыраайы үөрэтэр Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэтэ» барыл чэрчитинэн ааҕааччыларга анаан суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр, саҥа кинигэлэр сүрэхтэнииилэрэ квартал аайы ыытыллаллар.

Алтынньы 25 күнүгэр суруналыыс, суруйааччы Надежда Егорова-Намылы «Дьол хараҕа суох» диэн сана кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Бу дьиннээх олоххо тирэҕирбит сэһэн буолар. Кинигэ сурун дьоруойун айарга төрут буолбут киһи билигин олорор, улэлиир, айар - Пантелеймон Романович Егоров, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин киинин дириэктэрэ, учуонай. «Дьол хараҕа суох» кинигэни Брайль систиэмэтигэр көһерен, кинигэ оҥорон  библиотекаҕа бэлэх уунна. 

Намылы айар үлэтин сэҥээрэр, айымньыларын сөбүлээн ааҕар дьон-сэргэ мустан, бу сэһэн социальнай, психологическай, эдэр ыччаты үөрэтэр-иитэр суолталааҕын бэлиэтээтилэр. 

Көрсүһүүгэ «Айар кинигэ кыһата сүрэхтэнэр» кинигэни атыылаан, ааҕааччылар ааптартан илии баттатан ылан, кинини кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн тарҕастылар.

Попова Е.В.

Смотрите также