Дьокуускайдаагы Кыраайы үөрэтэр Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэтэ» барыл чэрчитинэн ааҕааччыларга анаан суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр, саҥа кинигэлэр сүрэхтэнииилэрэ квартал аайы ыытыллаллар.
Алтынньы 25 күнүгэр суруналыыс, суруйааччы Надежда Егорова-Намылы «Дьол хараҕа суох» диэн сана кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Бу дьиннээх олоххо тирэҕирбит сэһэн буолар. Кинигэ сурун дьоруойун айарга төрут буолбут киһи билигин олорор, улэлиир, айар - Пантелеймон Романович Егоров, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин киинин дириэктэрэ, учуонай. «Дьол хараҕа суох» кинигэни Брайль систиэмэтигэр көһерен, кинигэ оҥорон библиотекаҕа бэлэх уунна.
Намылы айар үлэтин сэҥээрэр, айымньыларын сөбүлээн ааҕар дьон-сэргэ мустан, бу сэһэн социальнай, психологическай, эдэр ыччаты үөрэтэр-иитэр суолталааҕын бэлиэтээтилэр.
Көрсүһүүгэ «Айар кинигэ кыһата сүрэхтэнэр» кинигэни атыылаан, ааҕааччылар ааптартан илии баттатан ылан, кинини кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн тарҕастылар.
Попова Е.В.