«Таатта уола Ойуунускай» поэзия биэчэрэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
15.11.2023

«Таатта уола Ойуунускай» поэзия биэчэрэ[12+]

Просмотры: 1123

10 ноября в рамках декады, посвященной 130-летию Платона Алексеевича Слепцова-Ойунского в SMART-библиотеке прошел Вечер поэзии «Таатта уола Ойуунускай». Почитатели творчества писателя прочитали любимые стихотворения, спели песни и даже отрывок из олонхо «Нюргун Боотур Стремительный». Вечер украсили гости – отличник культуры РС(Я) Светлана Степанова, Розалия Новикова и Дмитрий Дьяконов из литературного сообщества «Непоэты» и ансамбль Школы третьего возраста «Сыдьаайа».

Былатыан Ойуунускай олорбут олоҕо, кырдьык иһин охсуһуута, үтүө түмүктэрдээх үлэтэ, хаалларбыт айымньылара биһиэхэ холобур буолар. Тэрээһин, түмсүү-төлкө төрдө диэн санааттан, үс көлүөнэ араҥатын: оскуола оҕолоро, ыччат, аҕам саастаах дьоммут көхтөөх, түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуутун ситиһэр сыалтан оҥоһулунна. Оскуола оҕолоругар, ыччакка төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга, ытыктанар дьоммут ааттара умнуллан, сүтэн хаалбатын туһугар, суруйааччыларбыт хаалларбыт айымньылара ааҕылла, кэрэхсэнэ турдунар диэн, Улуу КИҺИБИТ Ойуунускай хоһооннорун ааҕыы биэчэрин тэрийдибит. Ойуунускайы үгүс киһи революционер-поэт быһыытынан билэр. Чинчийээччилэр этэллэринэн, «саҥа олох ырыаһыта». Дьэ, кырдьык, төлөннөөх трибун-поэт төрөөбүт норуотугар «Көҥүл ырыата», «Син-биир буолбаат!?», «Харачаас», «Былааһы – Сэбиэккэ!», «Сүрэх», «Иирбит Ньукуус», «Бассабыык» курдук айымньылары, саҥа олох иһин охсуспут буойуттар умнуллубат уобарастарын айбыта.
Тэрээһиммит, үһүс көлүөнэ оскуолатын курсистара, «Сыдьаайа» ансамбль толоруутунан, суруйааччы 1929с. суруйбут «Былааһы – Сэбиэккэ!» ырыа буолбут хоһоонунан саҕаланна. Салайааччы СӨ культуратын туйгуна, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ Степанова С.К.

Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ суруйааччы 1932с. Ялтаҕа сылдьан оҕотун, дьонун ахтан, кыыһыгар суруйбут «Татыйык ыллыыра» хоһоонун аахтылар. Салайааччы саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Попова А.Д.

Поэт саха норуотун тылынан уус-уран айымньытыгар – фольклорга сыһыаннаах хоһоонноро элбэх. Биир оннук айымньытынан, Таатта оҕото Тааттык Бэргэн диэн псевдонимынан «Чолбон» сурунаалга 1929с. таһаартарбыт «Эргэ үҥкүүлэр – саҥа хоһооттор» тиһилик хоһоонноро буолар. Бу тиһиликтэн «Ыһыах үҥкүүтүн» Айыы Кыһатын иһинэн үлэлиир «Айыы оҕото» театральнай студия үөрэнээччилэрэ оһуохай таһаардылар, салайааччы Герасимова А.И. Суруйааччы 1923с. Ялтаҕа эмтэнэ, сынньана диэн курортка барар. Сонун дойду кэрэ айылҕата киниэхэ лиричэскэй хоһооннору суруйууга тема буолар. Онно сылдьан «Крым», «Муора», «Мимуоза» диэн хоһооннору суруйар. Ялта уһугуннарбыт нарын лирикатын «Мимуоза» уонна Советскай Союз Геройдарын туһунан «Кэрэ киэҥ дойдубар» хоһооннорун «Непоэты» ыччат литературнай түмсүү кыттааччыта Розалия Новикова истиҥник аахта. Бу биэчэрбитигэр, ыччат аатыттан Уйгулаана Григорьева Балатыан Ойуунускай «Муора» хоһоонун, Дмитрий Яковлев «Кыһыл ойуун» олоҥхо-тойугун ааҕаннар көрөөччүлэр болҕомтолорун тартылар.

Суруйааччы Саха норуотун Улуу дьоно уутуйан үөскээбит, аатырбыт алаастардаах Таатта сириттэн төрүттээх. Төрөөбүт дойдутун туһунан элбэх айымньылардаах. Биир оннук айымньытынан, уостан түспэккэ ыллана сылдьар «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыа буолбут хоһоонун, СӨ культуратын туйгуна Степанова С.К. пианино тыыннаах доҕуһуолунан ыллаан барыбыт сэҥээриитин ылла.

Эҕэрдэ тылларын, Былатыан Ойуунускай туһунан санааларын эттилэр: Платон Алексеевич Ойунускайдыын бииргэ үлэлэспит үөлээннэҕэ, общественнай деятель Слепцов В.П. сиэнэ Слепцова М.Г., СӨ культуратын туйгуна Гоголева С.В., экономическай наука кандидата Васильев П.И. Гоголева С.В. бэйэтэ айбыт матыыбынан «Тимир кэккэ саппааһынан» ырыатын ыллаан, барыбытын үөртэ.

Аһаҕас микрофоҥҥа көрөөччүлэртэн Цыпандина М.И. поэт «Муора» хоһоонун аахта, Васильева А.Е. ыччакка тута хоһуйбут тойугун анаан дьон сүргэтин көтөхтө.

Платон Алексеевич Слепцов - Ойуунускай айар үлэтин – поэзиятын бары өттүнэн тэрээһиммитигэр көрдөрдүбүт. Кини бастатан туран күүстээх этиилээх революционер-суруйааччы, ис иһигэр киирдэххэ лирик-поэт, норуот тылынан уус-уран айымньытын үрдүктүк тутар хоһоонньут буоларын көрдүбүт-иһиттибит. Тэрээһиммитигэр кыттыбыт ааҕааччыларбытыгар, көрөөччүлэрбитигэр махтанабыт, инникити да бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит.

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ, сүрүннүүр бибилиотекарь Беленкова М.В.

 

Смотрите также