Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа ахсынньы 15 күнүгэр ыччакка аналлаах, ураты көстүүлээх, дьон биһирэбилин ылбыт аныгы форматынан «Олоҥхо алыптаах дойдута» олоҥхо-квест буолан ааста. Араас түһүмэхтэри ааһан, сорудахтары толорон кыайыылаах тахсаҕын.
Ол курдук билиини хаҥатар, бэйэ кыаҕын тургутан көрөр, хамаанданан оонньоон, бэйэ икки ардыгар доҕордоһуу сыһыаны үөскэтэр сыаллаах, олоҥхо саха норуотун киэн туттуута, барҕа баайа буоларын ыччакка өйдөтөр соруктаах тэрилиннэ.
Библиотекабыт үс этээстээх буолан, олоҥхоҕо ойууланарын курдук, үс дойдуга араардыбыт. Онон, кыттааччылар үс этээһинэн сылдьан күрэхтэстилэр. Хас биирдии түһүмэх (станция) тус-туһунан сорудахтаах.
1. Үөһээ дойду: «Айыыларбыт алгыстарынан» түһүмэх.
Олоҥхоҕо кэпсэнэринэн, үөһээ дойдуга үрдүк айыылар олороллор. "Үөһээ дойду түөрт халлааннаах уонна тоҕус хаттыгастаах" диэн быһааран этэллэр. Үөһээ дойду халлааннара өрө тахсан бэйэ-бэйэлэриттэн үрдээн иһэр таһымнаахар. Ол иһин бу түһүмэххэ (станцияҕа) саха норуотун историятын, культуратын, сиэрин-туомун туһунан тоҕус сорудахтары толороллор, ханнык таһымтан саҕалыылларын хамаанда бэйэтэ талар. Төһөнөн үрдүк таһымы талаллар, тахсаллар, соччонон элбэх баалы хомуйаллар.
2. Орто дойду: «Орто дойду омуннаах олоҥхото» (интеллектуальнай оонньуу) уонна «Харах кистэлэҥэ» түһүмэхтэр.
«Орто дойду омуннаах олоҥхото» түһүмэххэ – оонньуу «Сто к одному» форматынан оҥоһуллубут олоҥхо туһунан билиини тургутуу буолар. Биэс тиэмэ бэриллэр: ааттар, ааптардар, ситэрэн биэр, ол-бу, сүрүн сирэйдэр. Хамаанда сөптөөх тиэмэтин талан эппиэттиир.
«Харах кистэлэҥэ» - олус ураты оонньуу. Аан дойдуга аатырбыт француз тифлопедагога Луи Брайль оҥорбут рельефно-точечнай шрифт алфавитын систематынан П.А. Слепцов-Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан этиилэри таайыы.
3. Аллараа дойду: «Моһоллору туораа» уонна «Ооҕуй оҕус ситимэ» диэн түһүмэхтэртэн турар.
Аллараа дойдуга түбэспиттэр, араас моһоллору туораатахтарына эрэ абааһы кырыгыттара үөһээ ыыталлар.
«Моһоллору туораа» - Аллараа дойду бухатыыра Уот Уһутаакы оҥорбут сохсото (ловушка) буолар. Уот байҕал ортотугар, орто дойду олохтоохторун малларын-салларын быыһаан ылыахтаахтар, хостуохтаахтар. Манна хамаанданан биир сомоҕо буолуохтаахтар. Сыысталлар эрэ саҥаттан бараллар.
«Ооҕуй оҕус ситимэ» - абааһы кыыһа ыспыт, ситим устун тыллардаах уҥуохтары хомуйаллар уонна түмүгэр өс хоһоону таһаарыахтаахтар. Манна өй үлэтэ баһыйар, элбэх бириэмэ барар, хамаанда төһө билиилээ5э, түмсүүлээ5э көстөр.
Маннык ураты форматтаах олоҥхо-квеһы оҕолорго, ыччакка ыыппыппытыттан олус астынныбыт. Кыттааччылар, учууталлар, салайааччылар сэҥээриилэрин, махталларын, санааларын истэммит өссө сайыннаран, чочуйан иһэбит. Оҕолорго саҥа билиини биэрэргэ, бэйэ икки ардыгар үтүө сыһыаны олохтуурга табыгастаах формат диэн түмүк санааҕа кэллибит.
Квест түмүгүнэн:
1-гы миэстэ - «Сулустар» хамаанда, Дьокуускай куорат педагогическай колледж 1-гы куурус устудьуоннара.
2-с миэстэ - «Түмэн» хамаанда, Дьокуускай куорат Национальнай гимназия «Айыы Кыһатын» үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ.
3-с миэстэ - «Сардааналар» хамаанда, Дьокуускай куорат педагогическай колледж 1-гы куурус устудьуоннара.
Бу тэрээһин саха норуотун историятын, культуратын, сиэрин-туомун, фольклорун кэпсиир, сырдатар, тарҕатар «ҮйэАрт» бырайыакпыт чэрчитинэн ыытылынна. Кыттааччыларбытыгар махтанабыт, өссө да бииргэ үлэлэһэ туруохпут диэн эрэнэбит.