Байанайбыт ыйын 13 күнүгэр В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ айылҕаттан айдарыылаах духуобунай билиини тарҕатааччы, норуот эмчитэ Мэҥэ Ньургуунаны кытта ааҕааччылар көрсүһүүлэрэ буолан ааста.
Бу дьалхааннаах кэмҥэ дьон санааҕа-онооҕо ылларыыта үксээтэ. Онно бэйэни сааһыланыы наадатын өйдөөн, дьоммутугар-сэргэбитигэр туһа буолуоҕа диэн учуонай, тюрколог, рунолог Андрей Иванович Кривошапкиҥҥа-Айыҥаҕа үөрэммит, историк, этнограф Гаврил Васильевич Ксенофонтов үөрэҕин батыһааччы Мэҥэ Ньургуунаны кэпсэтиигэ ыҥырбыппыт. Ыалдьыппыт өбүгэ, сиэр-туом, саха тылын күүстэрин туһунан киэҥник, хас биирдии киһиэхэ тиийэр гына олус чуолкайдык, холобурдары аҕалан быһаарда, кэпсээтэ. Айыҥа, Г.В. Ксенофонтов кинигэлэрин тустарынан сырдатта уонна ааҕыы киһи өйүгэр дьайыытын, туһатын быһаарда. Көрсүһүүгэ мустубуттар элбэҕи билэн, бэйэлэригэр туһалааҕы иҥэринэн, махтанан, кэлэр көрсүһүүгэ руналар тустарынан истиэхтэрин баҕаралларын этинэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан тарҕастылар.