Айыы далбар хотуна
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
25.11.2020

Айыы далбар хотуна

29 ноября - День Матери РФ
Просмотры: 2688

Саха дьахталларын сурукка киллэрэн үйэтиппит ытыктанар журналист, общественнай деятель, Саха Республикатын Бочуоттаах олохтооҕо, Дьокуускай куорат, Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина, “Бэлэм буол”, “Кэскил”, “Юность Севера” оҕо хаһыаттарын бочуоттаах редактора Нина Иннокентьевна Протопопова буолар.

Протопопова.jpg

“Саха дьахталлара... Кини атын омук дьахталларыттан туох да уратыта суох, этэргэ дылы, таҥара туохха анаабытынан, олорор илгэтэ тугу тосхойбутунан орто дойдуга кэлэн барар. Бу кылгас күлүм гынан ааһар олоххо кини араас суолу-ииһи хаалларар, олох олорон, оҕо төрөтөн аатын ааттатар, олоҕун салҕатар.

Революция иннинээҕи саха дьахтарын туһунан биһиги өйдөбүлбүт сүрдээх татым. Ол эрээри саха дьахтарын таптала, ийэ буолар истиҥ иэйиитэ урут да баара, билигин да баар. Урут да бааллара эбээт көстөр дьүһүннэрин кэрэтинэн хоһооҥҥо холбоспут, кэпсээҥҥэ киирбит дьахталлар. Бааллара эбээт дьиэлэрин-уоттарын, сүөһүлэрин-астарын тутан олорор дьаһалларынан эр киһиэхэ баһыйтарбатах мааны хотуттар. Муударай өйдөрүнэн, айылҕаны кытта алтыһар дьоҕурдарынан, үөһэттэн айдарыылаах, үөттэриилээх дьоҥҥо туһалыыр дьикти дьахталлар. Бааллара эбээт ийэлэр барахсаттар, саха уһулуччулаах дьонун түһэхтэригэр илдьэ сылдьыбыт, иитэн-такайан киһи оҥорбут. Саханы саха дэппит дьоммут олохторун арахсыспат күндү лоскуйа – кинилэр ийэлэрэ. Төһө да кэм-кэрдии куоттар, ааспыт кэм дьахталларын, туох даҕаны кэтэх санаата суох, күлүк өттүн хайыспакка, сиэрдээх сырдык санаанан салайтаран, төһө кыалларынан сурукка туоһулаан хаалларыы биһиги иэспит буолуо этэ”.

Нина Иннокентьевна бу ытык иэһин толорон ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр таһаарбыта “Саха Далбар Хотуна” диэн түөрт томнаах, “Эдьиий Дора” кинигэлэри. 

1.jpeg

Бу кинигэҕэ автор урукку кэмҥэ олорон ааспыт, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоспут үтүө мааны хотуттарын, кинилэр удьуордарын, үрдүк таһымнарын, билиилэринэн билиниини ылбыт саха чаҕылхай дьахталларын туһунан сэһэргиир.

Ол курдук уос номоҕор сылдьар Владимир Слепцов-Чыкыйаас уонна Бэрт Маарыйа удьуордара: кинилэр оҕолорун, сиэттэрин туһунан урут билбэтэххитин билиэххит. Кинилэр сиэттэрэ биллиилээх саха народнай поэттара В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Л.А. Попов, репрессия миэлиҥсэтэ баара-суоҕа 30 сааһыгар хадьырыйбыт И.Е. Слепцов-Арбита уонна да атыттар тустарынан билсэбит.

А.И. Софронов-Алампа айар үлэтин музата, соҕотох таптала, олоҕун доҕоро Е.К. Яковлева олорон ааспыт дьоллоох-соргулаах да, эрэйдээх-кыһалҕалаах да олоҕун аҕыйах лоскуйа киирбит.

Саха норуотун төлөннөөх уола, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель М.К. Аммосов кэргэнэ, доҕоро, үс оҕотун ийэтэ Рая Израилевна Цугель, Кыыллаах Арыыттан төрүттээх Александра, Федор Корниловтар кыргыттара Елизавета, Феня, Любовь, Республика сайдыытыгар киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыт Александра Петровна Данилова, Саха Республикатын бастакы Президенин М.Н. Николаев ийэтэ Мария Михайловна, профессор Евдокия Иннокентьевна Коркина, народнай суруйааччы Софрон Данилов олоххо доҕоро, оҕолорун ийэлэрэ Мария Егоровна Данилова, элбэх эдэр учууталлары бэлэмнэспит Александра Егоровна Захарова, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах Дора Иннокентьевна Кобякова, врач Агриппина Павловна Харлампьева, Протопоповтар эдьиийдэрэ Галина Григорьевна Федорова бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат дьылҕалаах саха дьахталларын олохторун ааҕан сөҕүөххүт. “Ааҕылыйа кыыһа” – мисс Марсден хорсун быһыытын билсиэххит. 

2.jpeg

Саха норуотун ортотуттан аан дойду эйгэтигэр киэҥник биллэр, үрдүктүк сыаналанар ученай дьахтар Мария Кузьминична Гаврилова, кырдьык иһин туруулаһыы, таптал туһугар, кэскил туһугар олох олоруу холобура буолбут үс аҕыс-балыс Калисфена, Кыдана, Сата Платоновалар, Таатта улууһун төрүт-уус дьоно Оруоһуттартан ордубут кыыс Мария Ивановна Бучугааһаба (Федорова), эмчит удьуор төрүт киһитэ Александра Михайловна Анисимова (Неустроева), бэйэтин кэмигэр үлэ бөҕөнү үлэлээбит, хайҕал, бочуот кэрдииһигэр сылдьыбыт, Саха Ситэриилээх комитетын чилиэнэ, үйэтин үс гыммыт иккититтэн ордугун “саллаат огдообото” аатыран олорбут Екатерина Ильинична Яковлева, революция иннинэ үөрэхтэнэн учуутал буолан сахатын норуотун сырдыкка таһаарар иһин олоҕун анаабыт Варвара Тимофеевна Афанасьева (Шадрина), биэлсэр-акушерка, саха норуотугар биир уһулуччулаах уолу бэлэхтээбит Зинаида Пантелеймоновна Расторгуева (Борисова), элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ Прасковья Максимовна Скрыбыкина (Игнатьева), өр сыл дьон доруобуйатын, чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар элбэх сыратын анаабыт Мария Андреевна Кузнецова, айылҕаттан айдарыылаах Дора Иннокентьевна Кобякова-Эдьиий Дора, Дьааҥы улууһун бастакы хараҥаччыларын: Бурцева Елена Семеновна, Аммосова Евдокия Иннокентьевна, Федотова Марфа Егоровна, Сидорова Елена Ильинична уонна да атыттар тустарынан Нина Иннокентьевна киэн туттан туран сурукка тиспит.

3.jpeg

Үһүс кинигэҕэ Хаҥалас улууһун Ксенофонтовтарын дьахтар утумнара, ытык кырдьаҕас Федосья Дмитриевна Николаева олоҕо, репрессияҕа сылдьыбыт Мария Васильевна Харитонова, биллэр общественнай деятель, Мирнэйгэ алмаас промышленноһын олохсуйуутугар үлэлэспит, радионан, телевиденинэн биэрии комитетын председателэ, Саха сирин дьахталларын хамсааһынын баһылыга Секлетея Алексеевна Курчатова, советскай партийнай, государственнай, общественнай деятелэ Люлия Николаевна Григорьева (Саха Республикатын Верховнай Советын Президиумун председателэ), Саха сирин народнай поэта Наталья Ивановна Харлампьева, саха таҥаһын аар саарга аатырдыбыт модельер Августина Николаевна Филиппова, уһулуччулаах балерина Евдокия Александровна Степанова олохторун суолун кытта билиһиннэрэр. Кинигэтин автор “Таптал уонна таҥнарыы” диэн уус уран айымньынан түмүктүүр. 

4.jpeg

“Мин суруйар дьахталларым – саха үтүө хотуттара. Кинилэр олохторо баҕарбыт хоту чэпчэки, эриирэ-мускуура суох буолбатах этэ. Кинилэр олох тосхойор моһоллорун туораан, санаа күүһүнэн, тулуурдарынан, дьулуурдарынан суолларын соломмут, айылҕа хадаҕалаабыт кыаҕын туһаммыт, дьон-сэргэ туһатыгар таһаарбыт дьон. Кинилэр бары – бэйэлэрэ олорбут уустук кэмнэрин оҕолоро...”

Төрдүс кинигэҕэ “Өксөкүлээх кэргэттэрэ” диэн сүҥкэн ис хоһоонноох кэрчик баар. А.Е. Кулаковскай бастакы кэргэнэ Анастасия Васильевна Оросина 25 эрэ саастааҕар өлөн икки оҕолоох огдообо хаалар. 1907 сыллаахха Евдокия Ивановна Лыскованы кэргэн ылар. Татьяна Паповна Кулаковская (Заболоцкая) А.Е. Кулаковскай соҕотох хаалбыт уолугар Реас Алексеевичка кэргэн тахсан аҕыс оҕону төрөппүтэ, Өксөкүлээх удьуорун салҕаабыт саха норуотугар мүҥүра суох үтүөлээх Улуу ийэ. Салгыы Өксөкүлээх сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская олоҕуттан быһа тардыы бэриллэр.

Кулаковскай аймах кийииттэрэ, саҥастара Варвара Иннокентьевна Кулаковская (Говорова)–Бассабыык Балбаара олох охсуһуулаах уларыйыытын кэмигэр саха үөрэхтээх бастыҥ интеллигенцията турууласпыт суолун тутуспут, онно көхтөөхтүк кыттыбыт саха биир быстыҥ дьахтара этэ.

Салгыы норуот киэҥ туттар, инники күөнүгэр илдьэ сылдьар, ыйааһыннаах тылын-өһүн көһүтэ истэр уһулуччулаах кыыһа профессор, психологическай наука доктора Анастасия Петровна Оконешникова олоҕун кытта билсиэххит.

Нуучча сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта Антонина Дмитриевна Коптяева 1975 с. эдэр сааһа ааспыт, үлэһит буолбут, олоҕун үтүө кэмнэрин кытта сибээстээх, айар үлэ аартыгын арыйбыт Алданын сиригэр бара сылдьыытын туһунан ахтыы киирбитэ киһини долгутар, оччотооҕу “Незаметнай” бириискэ хайдах тутуллубутун хараххар көрөр курдуккун. “Кыһыл көмүс ыал” бэлиэлээх Дарья Алексеевна, Кирилл Егорович Павловтар, учууталлар учууталлара Александра Егоровна Захарова, сахалар “киһи киһитэ” диэн ураты ытыктабыллаахтык ааттыыр дьоннорун ахсааныгар киирсэр Марина Андреевна Дьячковская (Неустроева). Автор “Уодаһын” диэн урукку олоххо буолбут түбэлтэни киллэрбитин ааҕан баран “киһи эриэнэ иһигэр сүөһү эриэнэ таһыгар” диэн өбүгэлэрбит бэргэн этиилэрин өйдөөн кэлиэххит.

5.jpeg

Дора Иннокентьевна Кобякова-Эдьиий Дора туһунан истибэтэх-билбэтэх саха киһитэ суох. Эдьиий Дора айылҕаттан аҥаммытын быһыытынан ураты ис хоһоонноох айылгылаах, соҕотоҕун эрэ толорор сындалҕаннаах үлэтин чахчыларга олоҕуран Нина Иннокентьевна “Эдьиий Дора” кинигэ бэлэмнээн үйэтиппитэ. 

Күндү ааҕааччы! Дьокуускай куорат библиотекаларыгар бу кинигэлэр бааллар. Ааҕын, элбэҕи билиэххит. 

  • Протопопова, Н. И. Айыы Далбар Хотуна / Н. И. Протопопова. – Дьокуускай : Бичик, 1999. – 224 с.

  • Протопопова, Н. И. Айыы Далбар Хотуна : Иккис кинигэ / Н. И. Протопопова. – Дьокуускай : Бичик, 2001. – 224 с.

  • Протопопова, Н. И. Айыы Далбар Хотуна : Үһүс кинигэ / Н. И. Протопопова. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 352 с.

  • Протопопова, Н. И. Айыы Далбар Хотуна : Төрдүс кинигэ / Н. И. Протопопова. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 232 с.

  • Протопопова, Н. И. Эдьиий Дора : [норуот эмчитэ Ф. И. Кобякова] / Н. И. Протопопова. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 237 с., ил.

  • Электронная библиотека Национальной библиотеки РС(Я)

Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара. 

Смотрите также