«Сахалыы дьыктаан» түмүгэ билиннэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
21.02.2024

«Сахалыы дьыктаан» түмүгэ билиннэ[16+]

Просмотры: 667

Олунньу 16 күнүгэр Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутар, иҥэрэр сыаллаах «Сахалыы дьыктаан» аахсыйа буолан ааста. Аахсыйаҕа үөрэҕиттэн, үлэтиттэн тутулуга суох ким баҕалаах кыттыыны ылла.

Дьыктааны киэҥник биллэр суруналыыс, күөх экран уонна араадьыйа биллэр ыытаччыта, «Саха» НКИХ телевидениетын директора Олег Егорович Колесов-Талбан аахта.

Быйыл «Сахалыы дьыктаан» ыытыллыбыта үөрүүлээх 10 сыла буолла. Библиотекаҕа барыта 17 кыттааччы дьыктааны суруйда. Дьыктаан түмүгүнэн 12 кыттааччы «Үчүгэй суруксут» (4 сыана), 4 кыттааччы Иванова Марианна, Егорова Глория, Арылахова Галина, Захарова Елена «Бастыҥ суруксут» (5 сыана) уонна биир кыттааччыбыт Эверстова Софья «Бастыҥтан бастыҥ суруксут» анал ааттарга тигистилэр. Кыттыыны ылбыт ааҕаччыларбытыгар махтанабыт, кэлэр сылга көрсүөхпүт диэн эрэнэбит.

Статью подготовила: Мария Беленкова

Смотрите также