«Үс дойдунан айан» олоҥхо - квест оонньуу
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
28.11.2024

«Үс дойдунан айан» олоҥхо - квест оонньуу[16+]

Просмотры: 252

Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотека сэтинньи 27 күнүгэр Арассыыйа ийэлэрин күннэринэн уонна Саха сиригэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрыгар «Үс дойдунан айан» олоҥхо-квест оонньуутун ыытта. Оонньууга Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар театрдара, Үүнэр көлүөнэ театра, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын хамаандалара кыттыыны ыллылар. Билиини хаҥатар, бэйэ кыаҕын тургутан көрөр, хамаанданан оонньоон, бэйэ икки ардыгар доҕордуу сыһыаны үөскэтэр сыаллаах, олоҥхо саха норуотун киэн туттуута, барҕа баайа буоларын өйдөтөр соруктаах сонун оонньуу-күрэх тэрилиннэ. Олоҥхоҕо кэпсэнэрин курдук оонньууга үс дойду ойууланар. Хас биирдии түһүмэх тус-туһунан сорудахтаах:

1. «Үөһээ дойду сорудахтара». Бу түһүмэххэ (станцияҕа) саха норуотун историятын, культуратын, сиэрин-туомун туһунан тоҕус түһүмэхтэри толороллор, ханнык түһүмэхтэн саҕалыылларын хамаанда бэйэтэ быһаарар. Төһөнөн үрдүк таһымы талаллар, тахсаллар, соччонон элбэх баалы хомуйаллар. 

Нажмите для увеличения

2. «Орто дойду омуннаах олоҥхото». Оонньуу «Сто к одному» форматынан оҥоһуллубут, олоҥхо туһунан билиини тургутуу. Биэс тиэмэ бэриллэр: ааттар, ааптардар, ситэрэн биэр, ол-бу, сүрүн сирэйдэр. Хамаанда сөптөөх тиэмэтин талан эппиэттиир, баал хомуйар. 

Нажмите для увеличения

3. «Харах кистэлэҥэ». Олус ураты түһүмэх. Аан дойдуга аатырбыт француз тифлопедагога Луи Брайль оҥорбут рельефно-точечнай шрифт алфавитын систематынан Абрамов Н.А.-Кынат «Ньургун Бөҕө» олоҥхотуттан быһа тардыыны таайыы. 

Нажмите для увеличения

4. «Аллараа дойду албастара». Аллараа дойду бухатыыра Уот Уһутаакы оҥорбут сохсото (ловушка). Уот байҕал ортотуттан орто дойду олохтоохторун малларын - салларын быыһаан ылыахтаахтар, хостуохтаахтар. Моһоллору туорааһын хамаанда биир сомоҕо буолуутун ирдиир. Сыысталлар эрэ, саҥаттан бараллар. 

Нажмите для увеличения

Маннык ураты, сонун форматтаах олоҥхо-квеһы театр артыыстарыгар, үлэһиттэригэр анаан ыыппыппытыттан олус астынныбыт. Кыттааччылар сэҥээриилэрин, махталларын, санааларын истэммит өссө сайыннаран, чочуйан иһэбит. Саҥа билиини биэрэргэ, бэйэ икки ардыгар үтүө сыһыаны олохтуурга табыгастаах формат диэн түмүк санааҕа кэллибит. 

Квест түмүгүнэн: 

1-гы миэстэ - «Хотугу тыын» Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар театрдарын хамаандата. 

2-с миэстэ – «Айыы Дьураҕастай» Үүнэр көлүөнэ театрын хамаандата. 

3-с миэстэ – «Кыыс Кыскыйдааннар» Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын хамаандата таҕыстылар. 

Бу тэрээһин саха норуотун историятын, культуратын, сиэрин-туомун, фольклорун кэпсиир, сырдатар, тарҕатар аныгылыы квест-оонньуу. Кыттааччыларбытыгар махтанабыт, өссө да бииргэ үлэлэһэ туруохпут диэн эрэнэбит. 

Сахалыы санаа сайыннын, сахалыы тылбыт сатараатын! 

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Мария Беленкова

Смотрите также