Муус устар 27 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах. 1922 с. муус устар 27 күнүгэр ВЦИК Президиума Саха Автономиятын туһунан уураах таһаарбыта. Ити сыл бэс ыйыгар Ойуунускай салайааччылаах бастакы бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
Ити барыта Сахабыт сирэ үлэһит, киэҥ билиилээх, норуот үчүгэй олохтонорун туһугар турууласпыт дьоммутунан – өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит, сахабыт норуотун улуу уолаттара Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Былатыан Ойуунускай уо.д.а. буолаллар.
Бүгүн Былатыан Ойуунускай олоҕун, айар уонна общественнай үлэтин туһунан тургутуу бэлэмнээтибит.