Маннык маллаах иhити иистэнэр мал уган сүктэр кыыска сатабыллаах дьиэ хаһаайката буоллун диэн, эбэтэр малааһыҥҥа саҥа дьиэни алгыырга, ыраастыырга анаан үрүҥ сиэл, сыттаах от ууран бэлэх уунуохха сөп.
Матырыйаалга аныгы үйэ сиэринэн искусственнай тириини, кумаахы хордуону, биэс харахтаах харысхаллаах тимир бляшканы, килиэйи туһаныҥ. Өҥүн – дьүһүнүн сахаларга барсар гына дьүөрэлээҥ, сахалыы тыыннаан үрүҥ, хара сиэли туһаныҥ.
«Маллаах иһит» маастар - кылааһы киирэн көрүҥ, дьэрэкээн дьүһүннээх маллаах иһиттэ оҥостуҥ.