Ыһыах, үрүҥ тунал ыһыах!
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Ыһыах, үрүҥ тунал ыһыах!
19.06.2023

Ыһыах, үрүҥ тунал ыһыах![6+]

Просмотры: 1302

Саха дьонугар-сэргэтигэр үрүҥ тунах ыһыахпыт – саамай күүтүүлээх күндү кэммит, Үрүҥ Айыылартан көрдөһөн-ааттаһан, алгыс ылар, куттуун-сүрдүүн ырааһырар, үрүҥ илгэни сомсор үтүөкэн кэммит буолар.

Бу күннэргэ библиотекабыт ааҕааччыларыттан ыһыах туһунан санааларын этэллэригэр көрдөспүтүм. Дьэ, маннык диэн хоруйдаатылар. Ааҕыҥ, сэргээҥ.

Наталия Алексеева. Саха ыала буоларбыт быһыытынан ыһыахха сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Төҥүлү бөһүөлэгин ыһыаҕар, Уус-Алдан Бэйдиҥэтигэр, Нам улууһун 1 Хомустаах уонна Туймаада ыһыаҕар сылдьыбыппыт. Улуус-улуус ыһыахтара улахан уратылара суох курдук. Ыһыахтарга бары дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас таҥнабыт. Таҥаспытын эбээбит Татьяна Степановна уонна эдьиийбит Елена Алексеевна тигэллэр. Сыл ахсын үгэс курдук дьиэ кэргэнинэн Нэммэрэ сайылыкпытыгар уонна дьоммутугар 1 Хомустаахха ыһыахтыыбыт.

Нажмите для увеличения
,
Нажмите для увеличения

Алена Лукачевская. Биһиги саха ыала буоларбытынан киэн туттабыт, ыһыахха хайаан да сылдьа сатыыбыт. Сарсыардаттан, эрдэ туран, саламаат буһарабын, алаадьы астаан «сыт таһаарабыт». Ол кэннэ, дьэ, сахалыы таҥаспытын кэтэн, маанымсыйан ыһыах аһыллыытыгар баттаһа тиийэбит. Ыһыахха сарсыарда эрдэттэн барар ордук, ыраастаныы сиэригэр-туомугар сылдьаҕын. Бу сиэр-туом күн ортотугар диэри оноһуллар. Алгыс сиэригэр-туомугар хайаатар да сылдьабыт, ыһыах аһыллыытын көрөбут. Ол кэннэ түһүлгэҕэ аймахтарбытын кытта түөлбэлээн олорон аһыыбыт. Кыыспыт Лена илиитигэр дьоҕурдаах буолан уран тарбахтаахтар, уустар быыстапкаларын көрөрбүтүн сөбүлүүбүт. «Дыгын оонньууларын» сэргиибит. Күн тахсыытын сиэрин-туомун көрөн баран дьиэлиибит. Сахалыы таҥаспытын иистэнньэҥҥэ сакаастаан тиктэрбиппит, олус сөбүлээн кэтэбит, махталбыт улахан. Мин санаабар, ыһыахха сылдьан күүс-уох ылаҕын, хайдах эрэ, санаалыын чэпчээбиккэ дылы буолаҕын.

Нажмите для увеличения

 Альбина Петрова. Биһиги дьиэ кэргэн ыһыахха сыл аайы сылдьабыт. Сахалыы тыын, оһуохай, алгыс тыла – бу барыта саха буоларбытын өссө күүһүрдэр, бөҕөргөтөр курдук. Оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ бэлэмнэнии күүстээх буолааччы. Ас астааһына, палатка, олбохтор, күнтэн хаххаланар тэриллэр. Үс Хатыҥҥа хоно сылдьан ыһыахтыыр этибит. Билигин арыый боростуойдук тэринэн тиийэбит. Сыл ахсын саҥа сахалыы таҥас тиктэриэх буолабыт да олоххо киллэрэ иликпит. Уопсайынан, киһи сааһыран истэҕин аайы, ыһыах күндүтүйэн иһэр эбит. Саха буоларгынан киэн туттаҕын, кэскиллээхтик толкуйдууруҥ кэҥиир эбит.

Нажмите для увеличения

Варвара Матаркина. Ыһыахха сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Дьиэ кэргэнинэн, аймахтар мустан уопсай түһүлгэ тэринэн киирэбит. Сахалыы таҥастаахпыт - дьахтар таҥаһын тиктэрбиппит, эр киһи киэнин атыыласпыппыт. Ким тугу астыырын, аҕаларын эрдэттэн наардаан түҥэтэбин. Ньурба, Нам, Уус Алдан ыһыахтарыгар сылдьыбытым. Намна Олоҥхо ыһыаҕа олус үчүгэй тэрээһиннээх ааспыта. Ол эрэн, дойдум, Ньурба, ыһыаҕар тэҥнэһэр суох дии саныыбын. Хайа да ыһыахха оһуокайы сөбүлүүбүн. Хас биирдии сахаҕа ыһыах ураты суолталаах. Бастатан туран, Алгыс ылаары ыһыаҕы күүтэбин. Сиэр-туом итэҕэлбит быстыбат ситимэ буоллаҕа.

Нажмите для увеличения
,
Нажмите для увеличения

Бу кэпсэтиилэртэн сиэттэрэн бэйэм сылдьыбыт ыһыахтарбын санаан кэлбитим. Ол курдук, мин Таатта, Амма, Майа, Чурапчы, Бороҕон, Бэрдьигэстээх, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар ыһыахтарыгар сылдьыбыт дьоллоохпун. Биллэн турар, бары уратылаахтар, туспа тыыннаахтар. Үөһээ Бүлүү, Ньурба уонна Сунтаар ыһыахтарын олус сэргээбитим. Тэрээһиннэрэ, далааһыннара сөхтөрбүтэ. Ньурба Кыталыктааҕа кыраһыабайа да бэрт этэ уонна боотурдарын күрэҕэ «Дыгын оонньууларыттан» олох ураты курдук диэн көрбүтүм. Онтон Сунтаарга хатыҥ чараҥ быыһыгар эмиэ олус кэрэ эйгэлээх ыһыахха сылдьыбытым. Үөһээ Бүлүүгэ нэһилиэктэр Аҕа баһылыктара атынан түһүлгэҕэ киирбиттэрэ уратытык, сонуннук көстүбүтэ. Сыл ахсын Туймаада ыһыаҕар Үс Хатыҥҥа дьиэ кэргэнинэн, аймахтарбытын кытта сылдьабыт. Тус бэйэм ыһыах аһыллыытын – Алгыс сиэрин-туомун наһаа сөбүлүүбүн, ис сүрэхпиттэн ылынабын. Бу күн дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн, сахалыы сайбаччы таҥнан бииргэ мустан биир санааҕа, биир итэҕэлгэ сүгүрүйэрин көрөр, онно кыттыһар олус улахан суолталаах.

Нажмите для увеличения
,
Нажмите для увеличения
,
Нажмите для увеличения

Ыһыах күн миэхэ куруутун норуот таптыыр ырыаһыта, мелодиһа, СӨ норуодунай артыыһа Анастасия Варламова поэт Макар Хара тылларыгар айбыт «Ыьыах» диэн ырыата өйбөр көтөн түһэр, уонна күн устата бу ырыаны киҥинэйэн ыллыы сылдьааччыбын.

Өртөн ыла бэлэмнэнэн,
Үөрүү-көтүү аргыстанан,
Ыһыах буолар күнэ үүнэн,
Ыаллар бүгүн эрдэ туран,
Сарсыардаттан үгэс курдук
Саҕаланна ырыа-тойук.

Ыһыах, ыһыах,

Үрүҥ тунал ыһыах!

Долгулдьуйар түһүлгэттэн,
Чорооннордоох сэргэлэртэн,
Күнү көрсө, эҕэрдэлии
Көтөн иһэр курдуктар
Кынаттара тэлибирии
Кылбаҥнаһар холууптар.

Эдэр ыччат киэҥ да киэҥ
Ийэ сирбит туһунан,
"Үүнэ, үрдүү турдун", - диэн
Өрөгөйдөөх ырыанан
Сүрэхпитин үөртүлэр,
Сүргэбитин күүртүлэр.

Ону истэн тураммын
Санаан кэллим барытын:
Сэрии аны буолбатын,
Сэриигэ баҕарбаппын.
Үлэ, эйэ ыһыаҕа
Өрөгөйдүү туруоҕа.

Таптал нарын чараҥын
Таарыйбатын хаар хаһыҥ,
Тунал ыһыах түһүлгэтин
Тумнубатын ырыа-тойук,
Айар талаан эгэлгэтин
Арчыластын алгыс курдук!

Бу сигэнэн киирэҥҥит ыһыах туһунан тургутугу ааһыҥ, ыһыах туһунан төһө билэргитин бэрэбиэркэлээҥ

викторина «Ысыах - праздник белого изобилия»

Бука барыгытын уйгулаах ыһыахтарынан эҕэрдэлиибин. Кэлэр да кэмнэргэ уйгуну тардар, быйаҥы олохсутар Улуу Ыһыахпыт сайда-үүнэ турдун!

   Татьяна Сидорова, библиотекарь


Смотрите также